Page 179 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 179

бэт-түгэммэт олоҕо.  Сэрии ыар тыынын сокуонунан үлэлээбэт киһиэхэ нуорма
         бурдук  бэриллибэтэ.  Оттон  балыкка  сылдьар  оҕонньоттор  үксүн  кураанах,
         харбыйбыт  мөһөөччүктээх  кэлэллэрэ.  Харытыан,  соҕотох  үлэһит  буолан  ылар
         нуорматыгар  икки  киһи  хайаан  тото  аһыай?  Тотор  туһунан  толкуй  да  суоҕа,
         тугу  эрэ  үссэммит  киһи  диэн  эрэ  санаа  баара.  Коля  уол  сааһыары  диэкинэн
         быста  ыран  барбыта.
             «Муус устар  ый  саҥата бадахтааҕа»,  —  кэпсиир ол  ыар  кэмнэр  биир тыын-
         наах  туоһулара,  сэрии  кэмин  оҕото  Николай  Гаврильевич  Никифоров.
             —  Дойдубутуттан  Хомустаахтан  боломуочунайынан  Попова  Мария  Сер-
         геевна  кэлбитэ.  Кэлэн,  бука,  үлэни-хамнаһы,  сүөһү  туругун,  дьону-сэргэни
         билистэҕэ  буолуо.  Эдьиийим  Харытыан:  “Бу  уол  манна  өлөр  буолла,  ийэти-
         гэр  Намҥа  илдьэн  биэр”,  —  диэн  Маайаттан  көрдөспүтэ.  Маайа  онно  сөбүлэ-
         һэн,  лэппиэскэ  сыыһа  өйүөлэнэн  Сииттэттэн  сатыы  Маайаны  кытта  Намнаа-
         бытым.  Нам  сиригэр  кэлбиппитигэр  (  сирим  аатын  умнубуппун),  ийэм  эрэй-
        дээх  бэйэтэ  нэһиилэ  олорор  киһи,  миигин  Хомустаахха  атыылааччынан  үлэ-
        лиир  саҥаспар  Попова  Мааппаҕа  ыыппыта.  Эмиэ  сатыы  айаннаан,  өрүһү
         туораан,  аара  хас  да  хонон  Хомустаахха  кэлбиппит.  Саҥаһым  барахсан  мии-
         гин  көрөөт:  “Оо,  бу  оҕо  төрүт  иэдэйбит,  дьэ,  Маайа,  аҕалбытыҥ  үчүгэй”,  —
        диэн  миигин  тута  сууйан-тараан,  остуолга  ас  тардан  олорпута.
             Кырдьыга,  сэрии  ол  ыар  сылларыгар  саҥаһым  Марфа  Семеновна  суоҕа
         эбитэ  буоллар  өлөр  киһи  этим.  Киниэхэ  махталым  тыыннааҕым  тухары  сүтүө
        суоҕа,  ону  кэнчээри  ыччатым  эмиэ  өйдүө  диэн  эрэнэбин.
             М.С.  Попова  эргиэн  туйгуна,  Үлэ  Кыһыл  Знамята  орден  кавалера,  уотта-
        ах  сэрии  буойунун  Никифоров  Семен  Гаврильевич  огдообото  этэ.  Кини  со-
        ҕотох уола  Семен  Семенович  Никифоров олоҕун байыаннай сулууспаны  кытта
        сибээстээбит,  кэлин  дойдутугар  эргиллэн  кэлэн  Мүрү  Сэбиэтигэр,  оройуон-
        нааҕы  военкомҥа,  аэропорт  начальнигынан,  о.д.а  үлэлэргэ  тахсыылаахтык
        үлэлээбит  киһи.  Хомустаахтар  биир  киэн  туттар  уоллара  этэ.
            —  Сайын  диэки  тиийиибэр  тилигирии  сылдьар  киһи  буоллум,  —  Ньуку-
        лай  кэпсээнин  салгыыр.  Бэйэм  саастыылаахтарбын  кытта  от  үлэтигэр  бар-
        дым.  Оҕус  сиэтэбит,  от  мунньабыт,  харбыыбыт.  Бу  үлэлэргэ  барытыгар  икки
        хараҥаны  силбэһиннэрэ  улахан  дьону  кытта  тэҥҥэ  сылдьабыт.  Өссө  отууга
        таҕыстаххына  оттук  маһы  бэлэмнээһин,  иһэр-суунар  ууну  баһыы,  көлөнү
        аһатыы-сиэтии,  аҕалыы  барыта  биһиги,  оҕолор,  үлэбит  буолара.  Аһылык-
        пыт  үксэ  тар,  ууга  буһарыллыбыт  бэрт  убаҕас  хааһы.  Ол  да  буоллар  син
        үлэлээн  хачыгырайабыт.  Күһүн  бурдук  быһыытын  кэнниттэн  тохтубут  сиэ-
        мэни  итигэстиибит,  онно  көлөһүн  күнү  ким  төһөнү  хомуйбутунан  (  ыйааһы-
        нынан  )  аахсабыт.  Ол  оҕолортон  Хомустаахха  билигин  Николай  Николаевич
        Поповтуун  иккиэйэх  эрэ  хааллыбыт.  Үөлээннээхтэрбит  үксүлэрэ  сэрии,  сут-
        сутурҕан  тэбиититтэн  ыарыһах  буолан  олохтон  эрдэ  барыталаатылар...
            Кырдьыга  даҕаны,  сэрии  кэмин  оҕолоро  үксүлэрэ  аас-туор  олох  содулут-
        тан  эрдэ  ииннэммиттэрэ.  Бэл  ыал  буолбакка,  оҕо-уруу  төрөппөккө  ааттыын-
        суоллуун  сүппүт  да  элбэх.  Оттон  биһиги  правительствобыт,  өссө  М.Е.  Нико-
        лаев  президенниирин  саҕана,  1935  сыллаахха  диэри  төрөөбүттэри  “Тыыл  ве-
        терана”  ааты  иҥэрбитинэн  эрэ  муҥурданан  олорор.  Дьиҥэр,  1945  сыл
        төрөөбүттэри  киллэрэн  туран  “сэрии  кэмин  оҕолоро”  диэн,  бу  дьон  ааспыт
        эрэйдээх  олохторун  өйдөөн,  сыаналаан  барыларыгар  чэпчэтиини,  сыл  ахсын
        Улуу  Кыайыы  күнүгэр  биир  кэмнээх  ботуччу  көмөнү  оҥорор  уолдьаста.  Бил-
        лэрин  курдук,  сэрии  кэмин  оҕолоро  —  дьыбардаах  дьыллар  хаһыҥнарыгар
        хаарыйтарбыт  дьон,  син  биир  сэрии,  тыыл  бэтэрээннэрин  курдук  күн-түүн
        аҕыйаан  иһээхтииллэр...


                                                                                     175
   174   175   176   177   178   179   180   181   182   183   184