Page 184 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 184
Ааттара умнуллуо суохтаах
Мин өссө улуус хаһыатыгар үлэлии сылдьан 2002 сыллаахха “Сардаҥа”
сайылык саҥалыы төрүттэммитэ 30 сылын көрсө, республикаттан тиийэ кэл-
бит салайааччылар, учуонайдар кыттыылаах мунньахтарыгар сылдьан турар-
даахпын. Оччолорго колхоз, совхоз саҕана үлэлээбит кырдьаҕас сүөсүһүттэр
уонна специалистар үксүлэрэ бааллара. Бэйэм сайылык оҕото буоламмын,
кинилэр бэйэ-бэйэлэрин көрсүбүт үөрүүлэрэ, өрдөөҕү үлэлэрин-хамнаста-
рын ахтыһыылара өйбөр-сүрэхпэр сүппэттик иҥэн хаалбыт. Ол мунньахха
Шапов Артем Николаевич маннык эппитэ:
— Биирдиилээн барыы, ыһыллыы-тоҕуллуу биһиги усулуобуйабытыгар
чэчирээһини, сайдыыны аҕалбатын улахан үөрэҕэ суох да киһи өйдүөн сөп
этэ. Биһиги көлүөнэ дьон туппут уопсай хотонноро, дьиэтэ-уота туһата суох
туралларын олус харааста көрөбүн... Бу, дьэ, сөп. Сайылыктааһынтан саҕала-
ан кооператив үлэтэ сүһүөҕэр турдар ханнык!
Оттон Анастасия Романовна билигин төһө да доруобуйата айгыраан дьи-
этин иһиттэн тахсыбат буолбутун иннигэр: “Уопсай үлэ көхтөөх, кыайыылаах
буолара. Киһи барыта үлэлээх этэ...” — диэн этэрэ элбэҕи толкуйдатар. Ол
эрээри... Былаас билигин дьону эмиэ саҥалыы түмэ, араас кооперативтары
тэрийэ сатыыр. Ол гынан баран ити үлэ тоҕо эрэ өнүйэн иннин диэки
хотуулаахтык баран испэт. Мин санаабар, бу өйдөнөр. Урут сэбиэскэй кэм
саҕана, билигин даҕаны тыа сирин үлэһит дьоно босхону эрэ үрдүнэн үлэ-
лииллэр. Судаарыстыбаны салайан олорор дьон хотон, сүөһү, сир үлэтэ киһи
доруобуйатын алларытарын син билэллэр. Дьэ, уонна тоҕо хаһаайыстыба-
ларга барыларыгар субсидияны (дуона да суох буоллар) тэҥҥэ биэрбэтин
сүөһү иитиитинэн дьарыгырар дьон сатаан өйдөөбөттөр!
Анастасия Романовна, Артем Николаевич Шаповтар курдук саастарын
тухары олохторун сүөһү үлэтигэр анаабыт, уордьаҥҥа, мэтээлгэ тиксибэтэх
эрээри үлэни өрө туппут дьон билигин да бааллар. Кинилэр үлэлэрэ сыана-
ланыахтаах, ааттара умнуллуо суохтаах. Маны Байаҕантай нэһилиэгин дьа-
һалтата сөпкө өйдөөн (баһ. К.М.Винокуров ), 2007 сылга А.Р.Шаповаҕа “Байа-
ҕантай нэһилиэгин бочуоттаах гражданина” ааты иҥэрбитэ. Манна даҕатан
эттэххэ, улуус, нэһилиэк “бочуоттаах олохтооҕо” ааты ылбыт дьоҥҥо от-мас
тиэйтэриилэригэр, уот, телефон туттуутун төлөбүрүгэр сылга муҥ саатар биир
кэмнээх көмө оҥоһуллара буоллар бэрт буолуо этэ.
Үлэни өрө туппут, ытыктабыллаах Анастасия Романовна, мин, бу, эһиги
эдэр сааскыт, үлэҕит туһунан кыракый бэлиэтээһиним эһиэхэ күүс-уох ук-
тун, үйэҥ уһаатын!
Уйбаан Бахсылыырап, 2008 с.
Хомойуох иһин, А.Р.Шапова ыарахан ыарыыга ылларан уйэтэ уһаабатаҕа. Бу
ыстатыйа тахсыбыт сылыгар олохтон бараахтаабыта. Эмиэ биир сэрии кэмин
оҕото уөрэҕи ылбакка, адьас эрдэттэн холкуоска хонуу уонна хотон улэһитэ буо-
лан, биир сынньаланы көрбөккө, доруобуйатын харыстаммакка улэлээн аастаҕа.
Анастасия Романовна уонна Артем Николаевич Шаповтар ааттарын ыал-
куус буолбут оҕолоро, сиэннэрэ ааттаталлар.
АҔАМ МИЭХЭ ХОЛОБУР БУОЛАР КИҺИМ ЭТЭ
Биһиги аҕабыт Артем Николаевич Шапов 1930 сыллаахха Чурапчы оро-
йуонун Бахсы нэһилиэгэр төрөөбүт. Кини олох кыра эрдэҕинэ төрөппүт аҕата
180

