Page 339 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 339
Ийэбит бу кэмҥэ Суор Өтөҕөр Сысолятин Арамааннаахха (Алаапыстаах-
ха) олорбут. Миитээхтээх Хабырыыс ийэлэригэр кэлэллэрин-баралларын
билэн аҕалара уолаттарын кытаанахтык боппут. Ити кыһын Суор Өтөҕөр,
Баатаҕайтан Колесов Петр Николаевич диэн сылгыһыт киһи кэлэн кыстаан
олорон сылгы аһаппыт. Петр Николаевич икки уол оҕолоох огдообо эбит.
Арамааннаах Даайа сыыттааннар, дэлби хаайаннар биһиги ийэбитин бу ки-
һилиин холбообуттар. Саас сылбай буолбутун кэннэ Петр Николаевич ийэ-
битин Баатаҕайга көһөрөн илдьэ барарыгар, оҕолору ылаары, Прядезников-
тарга кэлэ сылдьыбыт. Дьиэҕэ Миитэрэй баар буолан биир да оҕону биэрбэ-
тэх, инньэ гынан ийэбит Баатаҕайга соҕотоҕун сүктэн тиийбит.
Ийэбит Наталья Петровна, аҕабыт Петр Николаевич онтон ыла Баата-
ҕайга ыал буолан бэрт эйэ дэмнээхтик олорбуттар. Мин кинилэргэ олох сал-
ҕанар аналынан, 1949 сыллаахха ахсынньыга күн сирин көрбүппүн. Мин 5-6
саастаах быһыылааҕым, биирдэ чэйдии олорон, ийэлээх аҕам Кэптэни диэн
сиргэ ийэбит оҕолоро баалларын кэпсээбиттэрэ. Онтон ыла мин ол убайдар-
бын, эдьиийбин көрүөхпүн наһаа баҕарарым.
Хаан-уруу балыс буоларбын...
Арай биирдэ саас хаардаахха сыарҕа атынан биир
эдэр киһи кэллэ. Ол Лэгэн эбит, син “хоп” курдук
таҥастаах-саптаах, саҥалаах-иҥэлээх киһи. Ийэм
наһаа үөрбүтүн, ытамньыйбытын өйдүүбүн. Ас ас-
тыы охсон, алаадьылаан аһатта. Саха балаҕаныгар
сүөһү көрөр кыстыкка хас да ыал дьукаах буолан оло-
рорбут. Убайым Лэгэн ол күн хоммутун өйдөөбөппүн,
бука аттаах киһи буолан хоно сыппатаҕа быһыылааҕа.
Аны сайын сайылыкка олордохпутуна эдьиийбит
Маайыс сатыы кэлбитэ. Кини биһигини кытта хас
да хоммута, ийэбит барахсан үөрүүтэ мунура суох.
Дьэ, ити кэмнэртэн ыла ийэбит оҕолорун кытта бил-
сэ, суруйса олорбута. Ол суруктарга ийэм: эдьиий
Маайыс Бороҕоҥҥо иистэнэр сыахха үлэлиирин, кэ-
лин Ефимов Афанасий диэн киһиэхэ эргэ тахсыбы-
тын, убайбыт Миитээх түүлээхситинэн үлэлии Иннокентий Дмитриевич
сылдьан Алдан өрүс уҥуоруттан кэргэн ылан кэлби- Прядезников
тин, саҥаспыт Аана дьиэ үрдүн сууйа сылдьан үөһэт-
тэн дэлби түһэн оҕо куоппутун, о.д.а. элбэх сонуннары ааҕан иһитиннэрэрин
өйдүүбүн. Убайбыт Ганя армияҕа сылдьан эмиэ сурук суруйара, хаартыскатын
ыыппыта. Ийэбит барахсаҥҥа оҕолорун хас биирдии суруктара олус күндү буо-
ланнар, олус кичэллээхтик, өрбөххө суулаан уура сылдьара.
Сайын ийэбинээн эдьиий Маайыстаах олорор сирдэригэр Даалыга күүлэй-
дии бардыбыт. Эдьиийим кэргэнэ Афанасий тыла суох киһи эбит, Илья диэн
уолламмыттар. Алтыс кылааһы үөрэнэн бүтэрэн баран Кэптэнигэ кэллим. Тру-
лин Мэхээлэлээххэ кэлбиппэр Охлопковтар диэн аймахтардаахпын билиһин-
нэрдилэр. Убайдарым Лэгэн уонна Миитээх сайылыктарга олороллор эбит.
Биир күн Лэгэн кэлэн Туойа сайылыкка илдьэ барда. Убайым манна
холкуос ньирэйдэрин көрөр эбит. Сайылыкка олорооччулар бары эдэр дьон,
арай Борисова Маайа диэн саастаах дьахтар баар, барыларын кини дьаһайта-
лыыр. Кыргыттар убайбын Лэгэни: “Хоноһоломмут киһи кыыскын ханна
утутаҕын, бачча итиигэ биһиги кинини илдьэ сыппаппыт”, — диэн күлүү
335

