Page 341 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 341
да бөдөҥ-садаҥ, онно эбии улахан баһаархай саҥалаах, күүс өртүнэн бары-
ны бары кыайар-хотор, чахчы да киһи уоллаахпын диир, күөгэйэр күнүгэр
сылдьар кэмэ этэ.
Лэгэннээх Клим Ригаҕа тиийэн балачча элбэх миэбэли, гарнитуру сакаас-
таан кэллилэр. Оччолорго миэбэл манна маҕаһыыҥҥа кэллэҕинэ даҕаны биир-
дии көрүҥүнэн, Сэбиэт көҥүл суругунан атыылаһаҕын, бары-барыта оннук
кырыымчык кэмэ этэ. Дьоммут сакаастаабыт миэбэллэрэ сайын бүтүүтэ кэл-
лэ, ол миэбэллэр билигин даҕаны бааллар. Оннук үчүгэй оҥоһуулаах, хаачыс-
тыбалаах маллар. Манна олорон Ганябыт Попова Римма диэн кыыстыын
ыал буоллулар, сотору кэминэн дьиэ туттан көстүлэр. Убайбын Лэгэни ай-
махтара “кэргэннэн” диэн хаайаллар да, киһилэрэ хамсаабат...
Олох инники күөнүгэр сылдьыбыта
Мин оскуоланы бүтэрэн Бороҕоҥҥо киирэн икки сыллаах медсестра үөрэ-
ҕин үөрэнэн бүтэрдим. Үлэһит буолбут киһини Курбуһахха анаатылар, онно
ийэбин, бырааппын Афоняны уонна улахан убайым Афанасий Колесов
оҕолоро төгүрүк тулаайах хаалбыттарыттан, кыраларын, 7 саастаах Машаны,
ылан бардым. Курбуһахха икки сыл үлэлээн баран, дойдубутугар Кэптэнигэ
көһөн кэллибит, эмиэ Лэгэни кытта олордубут. Убайбыт син биир кэргэнэ
суох соҕотох сылдьаахтыыр. Быраатым Афоня онус кылаас кэнниттэн Омс-
кайдааҕы милиция үрдүкү оскуолатыгар үөрэнэ барда. Аны мин СГУ медфа-
культетыгар үөрэнэ киирдим. Дьиэбитигэр ийэм, убайым Лэгэн уонна бал-
тыбыт Маша хааллылар.
Билигин диэн эттэххэ, убайбынаан Лэгэнниин бииргэ олорор кыаҕым
суох буолбута. Убайым миигин наар мөҕөр, тугу онорбутум барыта сыыһа
буолан иһэр. Мин оҕо-эдэр сааспар: “Ыҥыран аҕалбытыҥ, ийэҕэ баҕарбы-
тыҥ да көр ээ”, — диэн быһаччы санаалааҕым. Дьиҥэр, Лэгэн олоҕу ылыныыта
мындыр буолан, бэйэтэ баҕарарын курдук, миигин үөрэтэ сатыыр быһыыта
эбит. Кэптэнигэ кэлэрбэр 16 саастаах, уруккулуунан эттэххэ “ситэн эрэр”
кыыс буоллаҕым. Билигин санаатахпына, убайым Лэгэн, бэйэтэ этинэн-хаа-
нынан оҕо диэни билбэтэх киһиэхэ, үс тулаайах аҥаардаах оҕолору иитэри-
гэр кырдьык да ыарахан эбитэ буолуо. Мин үөрэххэ барарбар балтым Маша
11-12 саастаах оҕо этэ, быраатым Афоня эмиэ үһүс кылааска үөрэнэр кэми-
гэр кэлбитэ. Онон, убайбыт Лэгэн кинилэри кыра эрдэхтэриттэн илдьэ олор-
бут буолан сымнаҕастык сыһыаннаһара. Дэлэҕэ да кэптэнилэр кинилэри:
“Киэсэ оҕолоро”, — диэхтэрэ дуо.
Убайбыт Иннокентий Дмитриевич Прядезников коммунистическай пар-
тия чилиэнэ, норуодунай суут сэтээтэлэ, уопсастыбаннай үлэҕэ актыбыыс
бөҕө этэ. Кинитэ суох нэһилиэккэ, бөһүөлэккэ биир да мунньах, кулуупка
ыытыллар араас тэрээһиннэр барбат буолаллара. Быһата, олох инники күө-
нүгэр сылдьыбыта.
Саҥа дьиэбитигэр убайбыт Киэсэ хас бырааһынньык аайы аймахтарын
мунньан остуол тардара. Аһын-үөлүн бэйэтэ сүүрэн-көтөн булан, тэҥҥэ ас-
таһан үөрэр-көтөр буолара. Киэсэ дьоҥҥо-сэргэҕэ бэрт сэргэх, дуоспуруннаах,
барыга бары быһаарыылаах тыллаах-өстөөх киһинэн биллэрэ. Бэйэтэ да тул-
аайах кэриэтэ улааппыт буолан чугас дьонугар, ыалларыгар ураты сымнаҕас
сыһыаннааҕа. Колесов Миитэрэй диэн табаарыһа соһуччу хомолтолоохтук
өлбүтүгэр, Акулиналаахха көһөн тахсан “доҕор буола” икки-үс ый кинилэргэ
олорбуппут. Кини ол курдук үтүө майгылаах, дьон-сэргэ дурда-хахха оҥос-
тор төһүү киһилэрэ этэ.
22 Заказ № 52
337

