Page 345 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 345

Сэрии  сылларыгар,  ол  да  кэнниттэн  алаастарга,  үрэхтэргэ  кураан,  сут
        буолан дойду сирин дьоно өрүстээх сиргэ  Намн а киирэн оттууллар.  Күһүнүн
        сүөһүлэрин  хайыыктарга  (баат)  ыга  тиэйэн,  бэйэлэрэ  онно  олорсон  эрдэн
       туорааннар,  салгыы  сүөһүлэрин  үүрэн  кыстык  сирдэрин  булаллар.  Балбаара
       төһө да  кыра  оҕолордоох буоллар,  бу  көһүүлэргэ атын  холкуостаахтары  кыт-
       та тэҥҥэ сылдьан  үлэлиирэ-хамсыыра.  Тоҥ хаһаа дьиэни-уоту, хотону оҥос-
        тон  эрэй бөҕөнөн кыстаан, биир да сүөһүнү энчирэппэккэ кыстатан,  бэйэлэ-
        рэ  сыккырыыр  тыыннара  эрэ да  ортор,  дойдуларыгар  үөрүүнэн  төннөллөрө.
            Маннык иккис  көһүүгэ  Коля уол барсан  иһэн,  хайыыктарыгар уу киирэ-
        рин,  илиилээх  бары  араас  иһитинэн,  ол  ууну  баһалларын  өйдөөн  хаалбыт.
        Варвара  Афанасьевна  ыанньыксытынан  үлэлии  сылдьан,  Чирэпчи  Оломугар
        кыра ампаар дьиэни  көһөттөрөн аҕалан  кыыһынаан уонна уолунаан бэйэлэрэ
        ыал буолан олороллор. Ханнык да үлэттэн толлон турбат Варвара Афанасьевна
        Чирэпчи ферматыгар  үлэ геройа  Е.И.Бурцеваны,  аатырбыт уордьаннаах ыан-
        ньыксыттары  Тимофей  Андреевич,  Николай  Васильевич  Бурцевтары  кытта
       тэҥҥэ  үлэлии  сылдьан  атаҕын  оһоллоон,  ыанньыксыт  ыарахан  үлэтиттэн
       тохтуурга күһэллибитэ. Уһуннук эмтэнэн, уола Коля көрүүтүгэр сытан (кыыһа
        үөрэххэ  сылдьара)  атаҕар  дьэ турбута.
           Урутаан  эттэххэ,  кийиит уонна  хотун  дьахталлар,  биир  өйүнэн-санаанан
        сылдьаллара,  ийэлээх кыыс курдук тапсаллара сэдэх түбэлтэ.  Варвара Афана-
        сьевна  кийиитэ  Мотрена  Семеновна  Москвитина  хотунун  туһунан  ахтарын:
           —  Биһиги  Колялыын  ыал  буолбуппут кэннэ,  ийэбит  Балбаара барахсан,
        биһигини  кытта  Бороҕоҥҥо  көһөн  киирэн  уонча  сыл  олорон,  сиэннэрин
        бүөбэйдэспитэ,  көрбүтэ-истибитэ.  Ийэбит  олус  сэмэй,  аҕыйах  саҥалаах,  ол
        эрээри  сүрдээх ис  киирбэх,  киһи  ылынар тыллаах-өстөөх амарах ийэ,  эйэҕэс
        эбэ  этэ.  Сиэннэрэ  эбэлэрин  туһунан  олус  үчүгэйдик ахталлар.  Ийэбит,  эбэ-
        бит  хаһан  да  “суох”  диэн  тылы  туттубат:  “Бүтээри  гынна,  булуохха  баара”,
        —  диир  буолара.  Эбэбит  барахсан  элбэххэ  да  үөрэппит  эбит.  Билигин  да
        хайдах  туттарын-хаптарын,  тугу  сэргиирин,  үөрэрин  өйдүүбүт.  Ол  курдук
        ыллыктаах  санаалаах,  хаһан  да  мөҕүттэ,  суҥхара  сылдьыбат  киэҥ  көҕүстээх
        киһи  этэ.  Аны  санаатахха,  кини  кэминээҕи  дьон  бары  да  кэриэтэ  оннук
        майгылаахтар  эбит.
            Варвара  Афанасьевна  уолугар,  кийиитигэр  нус-хас  олорон,  сиэн  диэн
       дьон  минньигэс  сыттарын  билэн,  кырдьар  сааһыгар  дьоллоох  олоҕу  олорон,
        сэттэ  уон  биэс  сааһыгар,  1980 сыл  кулун  тутар  ыйга  олохтон  бараахтаабыт.

                          Олоххо  дьиҥ-чахчы  тардыһыылаах  буолан

           Сэрии  бүтэн,  Кыайыы  буолбут сылыгар  уонна  кэнники  икки  сылга  уот-
       таах  сэрииттэн  ордубут,  үксүлэрэ  бодоҥ  буолбут  дьон  дойдуларыгар  төн-
        нүбүттэрэ.  Сэрииттэн  улаханнык  бааһыран  кэлбит  Ефимов  Николай  Васи-
       льевич, өссө  1944-1946 сыллардаахха “Киров”,  1947-1948 сылларга Ирина Оле-
        сова  аатынан  колхозтар  бырабылыанньаларын  бэрэссэдээтэлинэн  үлэлии
        сылдьыбыт.  Кини фронтан аҥаар хараҕын мэлитэн кэлбит этэ.  Биһиги Чирэп-
        чигэ  олордохпутуна  биирдэ  хонон  ааспыта.  Онно  киэһэ  утуйарыгар  “хара-
        ҕын” уһулан ылан уулаах чааскыга укпутугар, наһаа куттаммыппын өйдүүбүн.
       Андросов  Спиридон  Михайлович  диэн  фронтовик  “Мичурин”  колхоз  пред-
       седателэ  быһыылааҕа,  кини  аҥаар  атахтааҕа.  Өссө  хайалара  эрэ,  аатын
       өйдөөбөппүн,  аҥаар  “хап-хара  илиитин”  устан  ылан  остуолга  уурара...  —
        Николай  Васильевич  оҕо  эрдээҕинээҕи  олоҕун  кэрчиктэриттэн  тугу  өйдөөн
       хаалбытын  сэһэргиир.

                                                                                    341
   340   341   342   343   344   345   346   347   348   349   350