Page 377 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 377

бииргэ сылдьаллара,  улахан доҕордуулар  этэ.  Прокопий  Спиридонович,  Ма-
        рия  Тихоновна  Бэс  Тумуһахха хара өлүөхтэригэр диэри  сайылаабыттара.  Бэс
        Тумуһах мин оҕо сааһым биһигэ этэ.  Онон кэлин даҕаны дойдубар тиийдэх-
        пинэ  сайылыкпар  өрүү таарыйан,  хайаан да  оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ сыл-
        дьан сүөгэй үүттээх чэйдэрин иһэн,  күөрчэхтэрин сиэн,  кырдьаҕастар алгыс-
        тарын  ылан,  дойдум  мүөттээх  салгынын  түөһүм  мунунан  толору  эҕэрийэн
        күүс-уох ылан төннөрүм.  Ол  үгэспин  билигин да тутуһабын, дойдубар тиий-
        дэхпинэ  сайылыкпар  хайаан  да  сылдьабын.
            Уу дьоруо атынан дибдигирэччи айаннатар Сэмэн Наҕабыыһын-Маппыа-
        йап,  Ылдьаа  Сиипсэп,  Бүөтүр  Сэлэпсиэп,  кэлин  Баһылай  Күөгэлэп  курдук
        оҕонньоттор дьөһөгөй  оҕолорун  бөрүү-тарыы  сылдьар  этилэр.  Кинилэрдиин
        эҥэрдэһэн  ат  баайааччы,  ат  сүүрдээччи  бастыҥа  буолбут  Киэсэ  Кырыһын-
        ньыкыап бу аҕыйах сыллааҕыта суох буолбута.  Киэсэ Кырыһынньыкыап бах-
        сылар  күтүөттэрэ,  олус  элбэҕи  билэр,  дэлэй  кэпсээннээх,  тойуксут,  алгыс-
        чыт  бастыҥа  этэ.
            Кыһын  буоллун,  сайын  буоллун  Баһылай  Тарабыыкын  муҥхатын  балы-
        гыттан  тиксибэтэх  Толоон  олохтоохторо  оччотооҕу  кэмҥэ,  бука,  суох  эбитэ
        буолуо.  Баһылай  чахчы  да  байанайдаах  балыксыт  этэ.  Баһылайдыын  бииргэ
        оттуур кэммитигэр биһиэхэ, оҕолорго, бэчимэ ытыттаран баран алаас көлүччэ-
        лэрин  харбатан  туоратара  уонна  ол  быатыгар  илимин  баайан  аргыый  аҕай
        ыытан  биэрэн,  күөлү  туора  илим  тардан  собо  бөҕө  ылар  этибит.  Оччолорго
        билиҥҥи  курдук  үрдэриллэр  тыы  кимиэхэ  да  суох  буолаахтаатаҕа  дии.  Он-
        нук  балыктаан  күөстэнэн,  күнүскү  күүстээх  үлэ  кэнниттэн  хараланан  олус
        да абыранарбыт. Кэлин мин дойдубар күүлэйдии тиийдэхпинэ Баһылай (эмиэ
        ыаллыы олоробут)  киирэн:  “Муҥхалыы  барабын,  сиргин-дойдугун көрө-истэ
        барсар инигин?”,  — диэн  ыҥыран илдьэ барара. Тоҕо эрэ өрүү балык кэлэрэ.
        Баһылайым:  “Дойдуҥ  эйиэхэ,  уолугар,  күндүлээтэ...”  —  дии-дии  үөрэ-көтө
        турара  бу  баарга  дылы.  Баһылайдаах  Таанньа  уу  кырбас  элбэх  оҕолордоох
        ыал  этилэр.  Туох  да  омуна  суох  Баһылай  кинилэри  балыгынан  аһатан-та-
        ҥыннаран атахтарыгар туруордаҕа.  Билигин оҕолоро бары киһи астына көрөр
        төрөлкөй  эттээх-сииннээх  ыал  буолбут,  үгүстэрэ  эһэ,  эбэ дьоннор.  Уолаттар
        аҕаларын  батан  эмиэ  балыксыт  бэртэрэ.
            Техника  дэлэйэ  илигинэ  ат  косилкатынан  бастыҥ  от  оҕустарааччы,  мас
        ууһа,  колхоз,  совхоз дэгиттэр үлэһитэ  Павел Алексеевич  Васильев сааһыран,
        80-н  тахсан  баран,  бу  аҕыйах  сыллааҕыта  суох  буолла.  Сылын  өйдөөбөппүн,
        Байбаллаах  сайын  от  оҕустара  сылдьан  айаас  сылгыны  быалааннар  косил-
        каҕа  көлүйэн үөрэтэллэрэ.  Оннук биир түгэҥҥэ  Байбал  акка атаҕын сототун
        уҥуоҕун тосту тэптэрбитэ.  Былдьаһыт үрэҕин  үөһээ өттүттэн,  быһа холоон  2
        көс  кэриҥэ  сиртэн,  миигин  оҕус  сыарҕалаах уолу,  Байбалы  илдьэрбэр  сору-
        дахтаабыттара.  Аллаах  кунанынан  үрэх  оҥхойдордоох  иҥнэл-таҥнал  суолу-
        нан  айаннаабыппыт.  Ол  тухары  Байбалым  биирдэ  саҥа  таһааран  “айыкка”
        диэбэккэ,  түүн  үөһэ бөһүөлэккэ тиийбиппит.  Мин  оҕонньорбун  (аны  санаа-
        тахха  40-ча  сааһа  эбит)  балыыһаҕа  хааллараат,  отчуттар  биэрбит  суруктары-
        нан  ыаллары  кэрийэн,  өйүө хомуйан  түүннэри  отуубар төнүннүм.
            Мин  дьиэбэр  хоно  сыттахпына  (дьиҥэр  дьиэҕэ  хонор,  ийэ  аһын  аһыыр
        баҕа  баһаам  буоллаҕа)  сарсыҥҥы  күн  бастакы  омурҕан  бүтүүтэ  тиийиэхтээ-
        ҕим.  Оччотугар  үлэ  бытаарыыта  тахсыахтааҕа,  ол  иһин  хайаан  да  кэлэҕин
        диэтэхтэрэ.  Үлэни  өрө туппут оҕонньоттор оннук ирдэбиллээх,  үлэҕэ  эппиэ-
        тинэстээх,  кытаанах  дьиссипилиинэлээх дьон  этилэр.  Оҕолор  кинилэр  тыл-
        ларыттан  тахсыбат  буоларбыт.
            Бахсыга түөрт уонус,  биэс уонус,  алта уонус  сылларга бастакы тыраахтар
                                                                                    373
   372   373   374   375   376   377   378   379   380   381   382