Page 394 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 394

элбэҕи  билэрэ.  Кинилэр  этиилэрин  анаан  муспут,  сурунан  ылбыт  этэ.  Ол
        этиилэри  суолдьут  сулус  оҥостон  олоҕор  тутуһан  сылдьыбыта.  Бурятияҕа
        каменщиктар  курстарыгар  үөрэнэ сылдьан  (1963  сыл сэтинньи  3  күнэ) днев-
        нигэр  маннык  суруйбут:
            “Улуу дьоннор улуу волялаах эбиттэр.  Волята суох киһи, ол аата сүрэҕэ суох
        киһи.  Сүрэҕэ  суох  киһи  ол  аата  ситэ  киһи  буолбатах.  Мин  куруутун  бэйэбин
        дьулуурга үөрэтэ сатыыбын”.  Ганя ити курдук бэйэтигэр тулууру, дьулууру иит-
        тинэрэ.  Кини  ити  Бурятияҕа  барыан  иннинэ,  сүүрбэтитгэн  саҥа  тахсан  эрэр
        киһи,  анаан-минээн  Г.П.Башарины  көрсүбүт уонна бэйэтин  санаатын:
            — Тыа сиригэр дьон ыараханнык олорор, ас-таҥас аҕыйах, сайдыы мөлтөх,
        промышленноска  үксэ  нуучча  үлэлиир,  сотору  төрөөбүт  тылбыт  сүтүө,  —
        диэн  эппит.
            Онуоха  Георгий  Прокопьевич:
            —  Сыыһа  санааҕа  киирбиккин,  коммунизм  саҕана  норуот  барыта  биир
        буолуо.  Итинник  санааҕын  бырах,  —  диэбит.
            Аҕабыт  оҕолорун  иитиитигэр  сүрдээх  эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһара.
        Оскуолаҕа  “Аҕа  сүбэтигэр”  үлэлээбитэ.  Оскуола  кэнниттэн  кыыһа  студен-
        ныыр  кэмигэр  үөрэттэрээри  куоракка икки  кыһын  кыстаабыта.  Галина Дьо-
        куускайдааҕы үп уонна экономика колледжин бүтэрбитэ, ыал буолбута.  Онон
        аҕабыт уол  сиэнин  көрөр дьолломмута.  Галя  билигин  ХИФУ  Үп-экономика
        институтун  бүтэрээри  сылдьар.  Уолбут  Ваня  ХИФУ  юридическай  факульте-
        тыгар  үөрэнэр.
            Аҕабыт  дьиэ  кэргэҥҥэ  халыҥ  хахха,  суон  дурда  этэ.  Бэйэбит  уһаайба
        ылан  туһунан  дьиэлэммиппит.  Ганям  дьиэтин  таһынааҕы  тутуулары  бары-
        тын  бэйэтэ  оҥорбута,  мас  арааһын,  талах  олордубута.  Инники  өссө  элбэх
        былааннардааҕа,  наар  үчүгэйи,  кэрэни  ыралыыра.  Ол  туолбатах  ыра  санаа-
        ларын  оҕолоро,  сиэннэрэ  олоххо  киллэриэхтэрэ диэн  эрэнэбин.

                                                        Валентина  Ивановна  Сибирякова,
                                                                      кэргэнэ,  Чурапчы


                   ҮС  ТӨГҮЛ  КОММУНИСТИЧЕСКАЙ  ҮЛЭ  УДАРНИГА



            Мин Хабырыыһы оҕо эрдэхпиттэн көрөн билэбин.  Кинини үөрэппит учуу-
        талым  Татьяна  Николаевна  Хомутова  кэргэнин  быһыытынан  уонна  тырахта-
        рыыс  киһи  эрэ дии  саныырым.  Кэлин  сааһыран  баран  кэлэ-бара да  сылдьан
        көрдөхпүнэ,  Хабырыыс  улахан  саҥата-иҥэтэ  суох  өрүү дьиэтин  таһыгар  үлэ-
        лии-хамсыы,  тугу  эрэ  бүтэрэ-оһоро  сылдьар  буолааччы.  Бу  да  сырыыга
        көрсүһүүбүтүгэр,  Гаврил  Гаврильевич  эһиилги  кыстык  маһын  киллэртэрэн,
        оттор  гына  хайытан  бэлэмнии  сылдьара.  Биһиги  кэлбиппитин  көрөн,  ыраах-
        тан  тэбэнэ-тэбэнэ  тиийэн  кэлбитигэр  илии  тутуһан  дорооболоһон,  “хайдах-
        туох олороҕун,  сылдьаҕын”  диэн  кэпсэтэ-кэпсэтэ дьиэҕэ  киирдибит.
            Чэйдии  олорон  оҕонньорбор:  “Сэрии  кэмин  оҕолорун  туһунан  кинигэ
        оҥоро  сылдьабын,  онно  эйигин  киллэрээри  гынабын.  Сөбүлэһэҕин  дуо?”  —
        диэн  быһаччы  ыйытааччы  буоллум.  Хабырыыһым  үгэһинэн  төбөтүн  үөһээ-
        аллараа  сууралаан  имэриннэ:
            —  Ээ,  мин,  ол  уончабын  туола  илик оҕо,  оччотооҕуну улаханнык өйдөө-
        бөппүн даҕаны,  —  диэн  кэтэмэҕэйдиирдии  тутунна.  Сэрии  эрэ  кэмин  буол-
        бакка,  сэрии  саҕанааҕы  оҕолор  дьон  буолбуттарын,  кинилэр  үлэлэрин-хам-


       390
   389   390   391   392   393   394   395   396   397   398   399