Page 397 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 397
самолеттара иирбиттии буомбалаабыттара. Биһиэхэ утарсар туохпут да суоҕун
кэриэтэ этэ. Хата, ону биэрэктээҕи оборуонабыт зенитчиктэрэ харса суох ыты-
алааннар, муораҕа тимирэртэн быыһаммыппыт. Ити алдьархайдаах түгэн мин
өйбөр-санаабар ынырык өйдөбүл буолан иҥэн сылдьар. Бу кыргыһыыларга
илиибэр бааһыран, 1944 сыл атырдьах ыйыгар дойдубар эргиллэн кэлбитим.
Онтон ыла пенсияҕа тахсыахпар диэри араас салайар үлэлэргэ сылдьыбытым.
Онон бэйэм дойдум иннигэр иэспин чиэстээхтик толорбутум”.
Гаврил Трофимович Протодьяконов сэрииттэн Албан Аат үһүс степен-
нээх орденнаах эргиллибитэ. Кини дойдутугар кэлээт 1952 сылга диэри “1-й
Маай” холкуоска солбуйар бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Аҕабыт сэрии кэн-
нинээҕи сыралаах үлэтин биир улахан ситиһиитинэн, Алаҕар нэһилиэгэр
электростанция тутуллан, ыаллар дьиэлэригэр электричество киириитэ буол-
бута. Тыа хаһаайыстыбатыгар реформалар ыытылланнар, 1952 сылтан холкуос-
тар сыыйа бөдөҥсүйэн барбыттара. Онтон ыла 1963 сылга диэри холкуоска
бэрэссэдээтэлинэн, солбуйар бэрэссэдээтэлинэн, хонуу, тутуу биригэдьии-
ринэн үлэлээбитэ. Гаврил Трофимович 1963 сылтан 1967 сылга диэри Бахсы
(билиҥҥи Алаҕар нэһилиэгинээн Бахсы нэһилиэгэ холбоһон олорор кэми-
гэр), кылгас кэмҥэ Болугур нэһилиэктэригэр норуодунай Сэбиэт бэрэссэдээ-
тэлинэн ананан үлэлээбитэ. Онтон 1967 сылтан Сэбиэккэ сэкирэтээринэн,
1974 сыл пенсияҕа тахсыар диэри бухгалтерынан үлэлээбитэ.
Г.Т.Протодьяконов ити 40-н тахса сылтан ордук кэмҥэ элбэх ыарахатта-
ры көрсө-көрсө төрөөбүт нэһилиэгин, холкуоһун экономическай уонна куль-
турнай олоҕо-дьаһаҕа чэчирии сайдарын иһин үгүс сыратын биэрэн үлэлээ-
битэ. Албан Аат уордьанын таһынан фронтовик “Германияны кыайыы иһин”,
“Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин”
уонна “Кыайыы 20 сыла”, «Кыайыы 50 сыла» мэтээллэринэн наҕараадалам-
мыта, үлэлэрэ элбэх Бочуотунай грамоталарынан, Махтал суруктарынан бэ-
лиэтэммитэ.
Аҕабыт, эһэбит Гаврил Трофимович төрөөбүт Алаҕарын нэһилиэгэ чэчи-
рии сайдарын туһугар олоҕун бүтүннүү анаабыта. Кини киллэрсибит кылаа-
тын нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ үрдүктүк сыаналыыллар. Онон, бэйэтин дой-
дутун иннигэр иэһин чиэстээхтик толорбут аҕабыт, эһэбит Гаврил Трофи-
мович Протодьяконов аатын киэн тутта, астына ааттыыбыт.
Тимир көлөнү тэһииннээн
Сэрии сылларыттан үлэһит буолбут уол Хабырыыс Протодьяконов, сэ-
рии кэнниттэн аны сааһа ситэн салгыы үөрэммэтэҕэ. Онон Хабырыыс хол-
куос биир тутаах үлэһитэ буолбута. Сайынын ат косилкатынан от оҕустара-
ра. Кинини бу үлэҕэ сылгыһыт Попов Спиридон Никитич элбэҕи сүбэлээн-
амалаан үөрэппитэ. Сааскы бурдук ыһыытыгар сеялкаҕа хас да сыл субуруччу
үлэлээбитэ. Итини таһынан оччолорго оһоҕунан оттуллар Чурапчы оскуола-
ларыгар саһаан маһы бэлэмнээһиҥҥэ, тиэйиигэ үлэлэһэрэ. Ону тэҥэ күн
аайы бүппэт, кэлэ турар холкуос араас үлэтигэр тугу соруйалларынан баран
иһэрэ. Эдэр киһи ити үлэлии сылдьан Ийэ дойдутугар иэһин толоро Сэбиэс-
кэй Армия кэккэтигэр сулууспалыы барбыта. Хабырыыс Сахалинскай уоба-
ласка тиийэн 75299 №-дээх байыаннай чааска артиллерист-зенитчик идэтин
баһылаабыта. Кини 1956 сыл от ыйын 22 күнүгэр туйгун сулууспатын иһин
байыаннай чаас хамандыыра, сэрии уотун ортотунан ааспыт подполковник
Мурылев илии баттааһыннаах “Хайҕал суругун” бииргэ сулууспалыыр сал-
лааттарыттан биир бастакынан ылбыта.
393

