Page 20 - Сахаайа Ермолаева Тымтык күн
P. 20
25.
Төрөөбүт тыл хорсун «Билимэ»,
Көрөҕүн, — норуотун туһугар, —
Ырааҕы!.. Цензура илимэ
Кэтэһэр күөл арҕаа уһугар...
Билэҕин — алааһыҥ соботун
Ким эмэ атыылыа... Сэрэн Эн!
(Истэбит — банкеттаах оботун!)
Чиэһинэй дьоннорго эрэн эн!
26.
Көрөргө — сахаттан, чулуугун...
Харчы да булар эр бэрдэҕин...
Ньалҕаардар тылгынан улуугун...
Мае тыыны да сатаан эрдэҕин...
Арай сиэр өттүнэн тэстибит
Кураанах буочука буолумаар!
Көтөрө-сүүрэрэ эстибит
Күөл буолан курааннаан уолумаар!
27.
Дьиктилээх кыыс-дьүөгэ куоларым,
Миэхэ наар үтүөнү дьайсаҕыт.
Таһымныыр дьалкыырым, уоларым
Буолаҥҥыт, хоһооммун айсаҕыт.
Көлүччэ ньууругар дьүөрэҕит,
Күн уоттаах долгуннуу кэрэҕит!
Миигинниин наар тэҥҥэ үөрэҕит...
Бүгүн да көҕүлээн эрэҕит!
18

