Page 21 - Сахаайа Ермолаева Тымтык күн
P. 21

28.
                «Выгода» кими да хамсатар,
                Көннөрү да дьону көҕүлүүр;
                Дуоһунас мэҥиэтин амсатар,
                «Депутат буолууй!» — диэн үөгүлүүр.

                Сүүлүк дьон «выгода хоруолун»
                Соругун туйгуннук толорор
                ...Бу миэхэ баай-харчы оруолун
                Сибэкким толорон олорор...

                              29.

                «Хапуга» босхоҕо баҕалаах:
                Саҥата минньигэс,  эйэлээх;
                «Обот» диэн амарах аҕалаах,
                «Иҥсэ» диэн иһирэх ийэлээх.

                Тоһууру чуумпутук туоруохтаах:
                Күүлэйдиир — тэрилтэ суотугар;
                Сокуону кэспэккэ уоруохтаах;
                Мал баһаам — дьиэтигэр-уотугар...

                              30.

                Иһээччи иһэрин быһаарар:
                «Мин — «Горе от ума» киһибин;
                Ойоҕум үөн үөҕэн ыһаарар,
                Көрсүүлээх ...  Ол иһин иһэбин.

                Тойонум тойомсук! Дуол дурак!
                Хотунум хотумсук!  Сор-дура!
                Хайыыбын онон мин «уол тураах»?..
                Тохтуо дуо — олох бу сордуура?!»
   16   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26