Page 18 - Сахаайа Ермолаева Тымтык күн
P. 18
19.
«Олох!» диэн муораҕа мүлтүркэй
Тыыбынан долгуннуун тустабын.
Өй-санаа алдьаммыт үлтүркэй
Таастарын быыһынан устабын.
Романтик! Күөрэйэ-тимирэ,
Оттон бу, эн ханна харбыыгын?
«Көҥүлгэ! Суох хаайыы тимирэ!..»
Ол аата, албыны арбыыгын!
20.
Үйэбит «Сайдыы» диэн тэргэнэ
Тиҥийэр мин баастаах сүрэхпэр,
Ракета умайар эргэнэ —
Тыаларбар, уолуйбут үрэхпэр.
Үксээтэ хоруупсуйа түгэнэ,
Киртийдэ дойдубут аҥара...
Барыска баҕарыы үгэнэ...
Ыраастыан буолаарай, Таҥара!
2 1.
Күн сирин бэл быстах тырыма
Күндүтүөн! Хаамарбын салгыыбын.
Ааҕааччыам, эн эмиэ ырыма;
«Суон сорту суоллан!» диэн алгыыбын.
Эн миэхэ тирэҕим буолаҕын —
Айабын бааргыттан тэбинэн.
Күн уоттаах күүс-көмө уолаҕын —
Сайдабын — эн өйгүн эбинэн!
16

