Page 63 - Неизвестное название
P. 63

7.  Тыгын - Окто Амыканов, 1585 с.т., олоҕо - Сугул сирэ, убайа Лөгөй Тойон, 1575 с.т.
             8.  Бочоко - Капчин Октов, 1615 с.т., олоҕо - Сугул сирэ.
             9.  Маһары Бозеков, 1628-1703 с.т. - Чука Капчинов, 1640 с.т., олоҕо - Сугул сирэ. Кэргэнэ
         Нам улууһун, Ника Мымаков кыыһа.
             Ю.Күннээх - Алтахан Чукин, 1675 с.т., олоҕо - Сутул сирэ.
             И.Моҕой - Сыраан - Кучукан Алтаханов, кириэстэммит аата Гаврил Алексеев - Кулгааҕа
         суох, 1710-1720 с.т., олоҕо, көмүллүбүт сирэ - Маҕан Тумул (Хардаҕас Быһыт). Кэргэнэ Мария,
         1730-1816 сс., көмүллүбүт миэстэтэ - Бороҕон Вознесенскай таҥаратын дьиэтин таһа».
             Үөһэ ахтыллыбыт кыраайы чинчийээччилэр суруйууларыттан көрдөххө, билиҥҥи дьон билинэр
         өбүгэбит Бороҕон Дьуотту бу сиргэ баара-суоҕа 500 сыл анараа өртүгэр кэлэн олохсуйар. Оттон ол
         иннинэ манна Хара саҕыллар, саҕайдар, кыргыстар, тыал буолбуттар, Тыгын тойон, Эллэй эһэбит
         да быдан иннилэриттэн сүөһү-сылгы ииттэн олорбуттара үһүйээннэргэ ахтыллар. Ону Кулун Атах
         культурата дэнэр, эрдэтээҥҥи сахалар олохторун кэлиҥҥи археологическай хаһыылара, историктар,
         краеведтар кэлиҥҥи суруйуулара да арылхайдык туоһулууллар. Мүрү эбэ үтүмэн үйэлэр түгэхтэрит-
         тэн ити курдук атаралыыр атах айгыстыбыт, тиэрэ атах тиэстибит, дьон-сэргэ тоҕуоруспут, уутуйан
         олохсуйбут аҕай сирэ. Эбэ эрдэтээҥҥи олохтоохторо хоролор, хара саҕыллар, тоҥустар, кыргыстар,
         тыал буолбуттар эбиттэр. Ону былыргы Бороҕон улууһун сирин-уотун ааттара, үһүйээннэрэ-номох-
         торо арылхайдык туоһулууллар.





















































                                                                         Бороуон улууһун картата. 1860~с с.
   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68