Page 58 - Неизвестное название
P. 58

уот иччилэригэр үҥэр-сүктэр сиэрбитигэр-
            туоммутугар костер сөпсөһүүлэр улуу исти-
            эп олохтоохторун олох эрдэттэн билэрбитин,
            кинилэри кытта алтыһарбытын, эн-мин дэһэн
            эйэргэһэн, ардыгар этиһэн-охсуһан, атааннаһан
            бииргэ олоро сылдьыбыппытын бигэргэтэл-
            лэр. Ааҕааччым, сахаҕа «Одун хаан оҥоһуута»
            диэн этии баарын билэргэр саарбахтаабап-
            пын. Ити эрээри хайа хаан туһунан этиллэрин
            бил эр киһи ахсааннаах буолуо дии саныыбын.
            Үксүбүт көннөрү тыл дэгэтигэр, туох эрэ биһи-
            гиттэн тутулуга суох буолары бэлиэтээн тут-
            туллар, түҥ былыргы кэмтэн кэлбит этии кур-
            дук ылынар. Дьиҥэр, бу историяҕа баар буола
            сылдьыбыт Кытай докумуоннарыгар Маодунь
            диэн ахтыллар хуннар империяларыи бастакы
            аҕа баһылыга. Орто Азия уонна Кытай оччо-
            тооҕу олохтоохторун өйдөрүгэр-санааларыгар,
            кырдьыга да, үйэлэргэ умнуллубат дириҥ суолу-
            ииһи хаалларбыт улуу киһи. Ол икки тыһыынча
            сыл анараа өртүгэр олоро сылдьыбыт хуннар
            ханнара сорох кэнники докумуоннарга Моде -
            саха өйүгэр «Одун хаан оҥоһуута» диэн этиигэ
            үйэтийбит.
                Оттон Линденау саха төрүттэрэ Омоҕой
            баай, Хоро Байкал тулатыгар олорбуттара диэн
            суруйар: «К потомкам Омогоя из местного рода
            Боотулу, он относил намцев и баягантайцев.
            Потомки Эллэя - кангаласцы, мегинцы, хаты-


















                         ХИФУ олонхону чннчнйэр институтун
   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63