Page 108 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 108
108 П. В. ОГОТОЕВ
Уот Солуонньай обургу
Уһун күн уонна тиэстэн,
Өһөх сиэн,
Өл хабан,
Үөрэн-көтөн
Өрөгөйдөөн тахсар,
Илбис кыыһа
3570 Иирэр эмэгэт,
Кубулҕат-дьибилгэт
Куо-Кустуктай обургу
Кылгас кун
Сэттэтэ дьиэгэнийэн киирэн,
Иһэн-аһаан,
Иирэн-кутуран,
Иэрийэн-куоруйан ааһар,
Илэ сылдьар иччилээх,
Сүөдэйэ сүүрэр сараһыннаах,
3580 Арбайа барыҥныыр абааһылаах,
Алдьархайдаах аат айаҕа аһыллыбыт,
Абар-дьабар суостаах,
Албан-дьоһун ааттаах,
Өлөрсүүлээх үөлэх-хаалах тумулга,
Кыргыһыылаах Кыладыйа Хаан хотунтга,
Охсуһуулаах Уот Чупчуйа буолакка
Саастарын тухары бииргэ сылдьан
Ус дойду үтүөлэрин
Үтүмэн үгүһү өлөрбүт
3590 Абааһы аймаҕын
Ааттаах адьырҕалара,
Үс ини-бии урдустар:
Уот Урбалдьын,
Тоҥ Дуурай,
Күүстээх Күпсүүлэ
Кыргыһыыга миинэр
Кыһыл буулуур,
Охсуһууга миинэр
Охсурҕа сүүрүк,
3600 Оонньууга миинэр
Улаан дьоруо аттаах
Кылааннаах-уһуктаах

