Page 147 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 147
>ЛЭС БООТУР 131
Чохчороҥноон иһэн,
Силистэн иҥнэн
Сирэйин быһа түһэн,
Ый-хай бөҕөтүн түһэрэн,
Ыллыы-туойа,
Ыһыытыы -хаһыытыы,
Ыһа-тоҕо сытта...
Симэхсин эмээхсин
«Көрбөтөхпүн көрдүм,
Истибэтэхпин иһиттим!
4470 Күнү таһаарар күөрэгэйбит,
Күндү көмүс чыычаахпыт,
Сырдык сыдьаай сэбэрэлээх
Сыралыҥса Куо ооккобут
Килбиэннээх аатын туһугар
Күн айыы оҕотун
Күлүмэх күүстээҕэ
Көмүскүү-харыһыйа
Көтүтэн иһэр курдукчай!
Көрө, көрсө охсуҥ!
4480 Уот-татай,
Уҥаары гынным,
Удьааҕа уута,
Хамыйахха хаанна», — диэт,
Уһуутаамахтаан иһэн
Уҥан тойтос гынан хаалла.
Эһэ Хара аттаах
Элэс Боотур
Тобураҕы, толону тохтоппотох
Туналҕаннаах тусаһаларын
4490 Туналыйар туһахтатыгар тиийэн,
Тэһии ат сылгы
Сиэлэн дьиһигитэн тиийбэт,
Чэҥи сыһыарбатах
Чэлгиэннээх чигдилэрин
Килэдийэр киинигэр
Баргыйа олорор

