Page 151 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 151

)Л )С БООТУР                                                                       135









                                               Сыралыҥса Куо


                                               «Эһэ Хара аттаах,
                                               Элэс Боотур,
                                               Тойон убайым,
                                               Тус бэйэҕэр,
                                               Тон күөҥҥэр
                                               Тоноҕостоох бэйэм нуоҕайан,
                                       4620 Сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн,
                                               Хаалдьыктаах бэйэм хаҥкыйан,
                                               Үс хара бараа күлүккэр
                                               Үҥэн-сүктэн,
                                               Ү үннээх-ыныырдаах
                                               Үтүө тылынан
                                               Көмүскээ-харыһый диэн
                                                Көрдөһө-ааттаһа турабын!
                                                Ким хайа кэлэн
                                                Кэс тылгын
                                       4630 Кэпсээтиҥ диэтэргин,
                                                Сыа хаарга
                                                Сылдьыбыта биллибэт,
                                                Үрүҥ хаарга
                                                Үктэммитэ көстүбэт,
                                                Чаллах хатыҥы
                                                Таҥнары туппут курдук
                                                Айгыр-силик киистэлээх,
                                                Ый ытарҕалаах,
                                                Күн туһахталаах,
                                       4640 Күннээх танараҕа көстүбэтэх,
                                                Былыттаах күн ҥэ быкпатах,
                                                Сырдык сыдьаай сэбэрэлээх
                                                Сыралыҥса Куо диэммин.
                                                Өһөгөйдөөх үйэҕэ үөскээбит
                                                Үөс Тардар
                                                Өһөх Хабар обургу
                                                Миигин ойох ылаары
                                                Тохтоон суоруйан,
                                                Түһэн бүгүстээн,
                                       4650 Сытыы сыабытын сыымайдаан,
                                                Ахтаах арыыбытын амсайан,
   146   147   148   149   150   151   152   153   154   155   156