Page 155 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 155
ЭЛЭС БООТУР 139
Сүгүнүнэн сүктүбэт
Сүдү ыал оҕото буолуо.
Ону умнума», — диэтэ.
Биһиги киһибит
Кэнникинэн кэҥээн,
Кэмниэ-кэнэҕэс
Күлүүстээх сынааҕын аһан,
Киһи буолар
4780 Кэскил туһунан
Кэс тылын
Кэпсээбитинэн барда.
Элэс Боотур
«Дьиэ буо! Дьиэ буо!
Мин эмиэ
Кэргэнинэн кэмчи,
Хоойго сытар
Холоонноох доҕорунан
Хобдох киһибин.
Сөрүө тэллэх сөрүүн,
4790 Ыҥыыр сыттык ыарыылаах,
Сон сабыы туоххай.
Эйигин көрөөт да,
Сүрэхтиин сөбүлээтим,
Дууһалыын долгуйдум.
Эн биһиги
Эрэйбитин-буруйбутун үллэстэн,
Дьолбутун-соргубутун холбоон,
Киһи буолар
Кэскил тэриннэхпитинэ
4800 Төһө-хачча буолуо этэй ?» — диэтэ.
Кыыс барахсан
Сүрэҕин баҕатын таба этитэн
Үөрэн мичилийэ түстэ.
Итии силим курдук
Иилистэ түсүһэн
Уураһан-сыллаһан эрэллэрин

