Page 192 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 192
176 П. В. ОГОТОЕВ
Сэттэ булас
Сиикэй тыймыыт тылын,
Эргичийэ түһээт,
Элэс Боотур
Суон модун моонньугар
Үс төгүл эрийэ быраҕан,
Чиҥэттэр чиҥэтэн
Тыынын хаайан,
6110 Тымырын бобон
Тыыннаахтыы сиэри тиистэ,
Көҕөрө уҥан барбытыгар
Кэриэһин этитээри
Кыратык мөлтөтө түстэ.
Эһэ Хара аттаах
Элэс Боотур
Киэҥ көхсө кыараата,
Күнэ хараарда.
Тыына хааттаран
6120 Тыын быһаҕаһа
Тыына туран,
Илбис кыыһа
Иирэр эмэгэти ыҥыран
Иэйэ-туойа турда.
Элэс Боотур
«Илбис Кыыһа
Иирэр эмэгэт,
Куо Кустуктай
Хотун эдьиийим,
Ыраах да буолларгын
6130 Ыксабар буола оҕус.
Үөс Тардар обургу
Үрүҥ тыыммар өстөннө,
Өлөр-хаалар күнүм үтүрүйдэ,
Өрүһүйэ тардыый!» — диэтэ.
Илбис кыыһа
Куо Кустуктай обургу,
Хайалара эрэ урут умсан
Улаат-халаат умсаахтатар диэн,

