Page 189 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 189

173









                                                 Халдьаайы тыа
                                         5990 Хаппыт хатан маһа
                                                 Хайыта барыар диэри
                                                 Хабарҕата хайдарынан
                                                 Хатан дьыбарга
                                                 Хаһыытыы - ыһыытыы,
                                                 Аллараа дойдуну аймаһытан
                                                 Айаҕа хайдарынан алларастыы,
                                                 Үөһээ дойдуну үөгүлэтэн
                                                 Үөһэ тэстэринэн үөгүлүү,
                                                 Үөрэ-көтө, үөҕэ-түрүйэ турда.

                                                          Үөс тардар


                                         6000 «һи-һи-һии! һа-һа-һаах!
                                                 Ар-дьаалы, арт-татай ини, оҕолоор            I
                                                 Элэс Боотур эрэйдээх,
                                                 Хайа кэпкинэн
                                                 Мин бэйэлээх
                                                 Аҕыс уон аҕыс ааһар албаспын
                                                 Аһара түһэн,
                                                 Тоҕус уон тоҕус
                                                 Куотар кубулҕаппын куоһаран,
                                                 Кыайыам-хотуом диэн
                                         6010 Киирэ да турбутуҥ баар ээ!
                                                 Көмүскэстээх санаалаах,
                                                 Күүрээннээх тыллаах,
                                                 Күүгэн эттээх
                                                  Күн айыы оҕото
                                                  Кыайбат киһитэ буолуом.
                                                 Аҕыспын ааһа иликпиттэн
                                                 Амырыын алгыска алҕаппыт,
                                                 Тоҕуспун туола иликпиттэн
                                                 Томороон тойукка туойуллубут,
                                         6020 Айыы аймаҕын
                                                 Аһыныам суоҕа диэн
                                                 Аан дархан
                                                 Андаҕары андаҕайбыт
                                                 Ааттаах киһибин.
                                                  Киэҥ халлаан даҕаны
   184   185   186   187   188   189   190   191   192   193   194