Page 210 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 210
194 П. В. ОГОТОЕВ
Эһэ Хара аттаах
Элэс Боотур обургу
Мунура биллибэт
Муус кудулу булгунньаҕы,
6800 Хараҥа хаайыылары,
Түүнүктээх түрмэлэри
Түгэҕиттэн түөрэн,
Сири кытта тэҥнээн,
Ыал олорботоҕун,
Ыт үрбэтэҕин курдук
Үрэйэ охсон,
Үөдэн-таһаан оҥорон,
Саастааҕын самнаран,
Саргыта салаллан,
6810 Өстөөҕүн өлөрөн,
Өрөгөйө үрдээн,
Үөрэн-көтөн,
Өрөйөн-чөрөйөн,
Үөлэс үүтүн курдук
Өлүү аартыгынан
Өрө тахсан,
Хоойго сытар
Холоонноох доҕорун кытта
Алгыстаах-силиктээх
6820 Аан Ийэ дайдыларын
Ачал аах- синньэл ээх
Араҕас таалатыгар
Үөрэ-көтө
Үктэнэ түстүлэр.
Эһэ Хара ат барахсан
Эрэллээх иччитэ
Иһэрин билэн,
Алдьархайдаах аллараа дайды
Аргыардаах аартыгын
6830 Айаҕар кэлэн
Күлүм-чаҕыл күн
Күөрэйэ тахсыаҕыттан
Кэтэспит эбит.
Көһүнэн сири
Күөнүн анныгар хаалларан

