Page 114 - Олоҥхо биһигэр
P. 114
тык эмэтик өйдүүрэ, ойуулаан биэрбитэ мэлдьи таба буолара эбитэ
үһү. Олоҥхонон, ырыанан адьас эдэриттэн дьарыктаммыта. Ордук
элбэхтик Өймөкөөҥҥө, Бодойбоҕо, Дьокуускайга үлэни батыһа сыл-
дьыбыт кэмнэригэр олоҥхолообут. Улууһун иһинээҕи нэһилиэктэргэ
эмиэ үксүлэригэр сылдьыталаабыта. Ол курдук, лаппа сааһырыар
диэри олоҥхо доҕордонон, ырыа-тойук аргыстанан, чохороон сүгэтин
куругар анньынан ускул сылдьыбыт. Бэл дьиэтиттэн чугас баар ыалга
ыҥырыллан, урууга-курумҥа сылдьан, хас эмэ хонукка олоҥхолоон,
ыллаан-туойан баран, дьиэтин таһынан кэлэн аргыстарын кытта
нөҥүө ыалга аасыһан иһэн: «Дьэбдьиэкэйим эрэйдээх оһоҕо буруо-
луур эбит ээ, ото-маһа олус эһиннэҕинэ өрүһүйээриҥ эрэ, нохо-
лоор» диирин сорох сиилээн, сорох бэркиһээн кэпсээн оҥостоллоро.
Кыһыны быһа кэргэнэ икки оҕотунаан дьиэтин, сүөһүтүн көрүнэн
олорор. Хорсун баҕайы дьахтар оту-маһы бэйэтэ тиэнэр, ойбо-
нун алларынар. Дэҥнэтэн чугас ыаллара көмөлөһөллөр. Баһылайа
буоллаҕына, ол нэһилиэккэ тиийбит, бу нэһилиэккэ кэлбит, онно
олоҥхолообут, манна остуоруйалаабыт, хайа эрэ ыалга дьиэ маһа
кэрдэр, кимиэхэ эрэ уһанар үһү диэн сураҕа эрэ иһиллэр. Ол курдук
сылдьан биирдэ тыаҕа мае кэрдэ тахсан баран, сүгэтин төҥүргэскэ
хаалларан, олоҕуттан сүүсчэкэ көстөөх сиргэ, Өймөкөөҥҥө барсан хас
да сылынан эргиллибитэ үһү. Кини баҕатыйан. илбиһирэн кэллэҕинэ
дьон баарыттан-суоҕуттан тутулуга суох, соҕотоҕун да сылдьан төһө
баҕарар ыллыыр, олоҥхолуур идэлээҕэ. Холобур, сир саҕатыгар
үүммүт баай тиити, чаллах хатыҥы тула хаама сылдьан бүтүн омурҕан
устата хоһуйан ыллыыра. Ол идэтин «абааһы ыллаһан» уураппыта
диэн кэнэн, хараҥа кэмҥэ кэпсээн тарҕаммыт.
Революция эрэ кэнниттэн ускул сылдьарын ууратан, дьиэтигэр
түптээн олохсуйбут. Кини ийэм ырааҕынан уруута, онон биһиги
кэргэҥҥэ аата дэҥнэтэн ахтыллар да буоллар, дьүһүнүн-бодотун
билбэт эрдэхпинэ, биирдэ будулҕан тымныы саҕана уһун сарыы
сонноох, тумустаах араҕас түнэ этэрбэстээх, мичээрдии сылдьар кур
дук, кылабачыйбыт сытыы харахтаах, лаппаллыбыт үскэл оҕонньор
киһи киирэн кэллэ. Дьонум үөрэ түстүлэр: Бачы Томторго киирэн
иһэн хоно кэлбит эбит. Ити 1927 дуу, 1928 дуу сыллааҕы кыһын
буолуохтаах. Аһыы олорон ийэм: «Убайым, бу киэһэ олоҥхолуур
инигин. Саҥаҕын истибэтэх да ыраатта», — диэтэ. Киһитэ тохтуу
түһэн баран эттэ: «Этиэххин эттэҕиҥ буолуо да, дэлби сылайан,
тоҥон-хатыраан сылдьабын. Бүгүн үчүгэйдик утуйуом, сынньаныам,
Томторго кыра наадалаахпын. Сарсын онно сылдьан баран, сотору
төннүөҕүм. Күөскүн-аскын бэлэмнээн олороор. Аһаан баран эрэдэт-
тэн туту эмэ баллыгыраан көрүөҕүм». Сарсыныгар, эппитин курдук,
Томтортон сырдыкка төнүннэ. Чэйдээн бүтээт, олоҥхо саҕаланна.
Дьэ кини диэтэх, бэйэ бодотун тардынан, чуурка курдук суон
моойдоох, элэмэстийэн эрэр баттахтаах лэскэллибит төбөтүн хоноччу
туттан, халҕан саҕа көхсүн көннөрөн, күөх сатыын ырбаахынан эрэ
киппэллэн олорон, хааһахтан хостуур курдук суккуйан киирэн бар-
110

