Page 79 - Олоҥхо биһигэр
P. 79

Миитэрэй, утуйбакка үргүлдьү олоҥхолообуккун дуу?» диэтэхтэринэ:
        «У-уук, — диэн соһуйан хараҕын өрө көрө түһэн баран, — хайа эһиги
        кэлбиккит дуу?» — диирэ.  Бука сэрэйдэххэ,  Наһаар уонна Миитэрэй
       бу,  бугуһуйан  эрэ  буолбакка,  ити  курдук  бэйэлэрин  олоҥхолорун
       тупсарар  көрүҥнэрэ  эбитэ  буолуо.
            Мин Олоҥхоһут Наһаар олоҥхотун («Үөлэн Хардааччыны») аан
       бастаан  1915 с.  Үчүгэй Үрэх ыһыаҕар истибитим.  Ол истэ-истэ кини
        курдук  этэр-саҥарар,  ыллыыр-туойар  буолбут  киһи  диэн  умсугуйа
       саныырым.  1923 с. кини аатырбыт үс үйэлээх «Алаатыыр Ала Туйгун»
       диэн  олоҥхотун  хас  эмэ  түүн  истэр дьолломмутум.  Маннык толору
       олоҥхону биирдэ эрэ истибитим. Уонна итинник үс үйэлээх олоҥхо
       сахаларга төһө  баарын  билбэтим.  1936  с.  биһиэхэ  хоно  сытан,  кини
        «Аҕыс  уон  араҕас  атыырдаах,  тоҕус  уон  толомон  оҕустаах  дохсун
       сырыылаах, дьулусханнаах айаннаах тумул тыа быһаҕаһын  саҕа сур-
       дьаҕыл  сиэр  аттаах Дуолан  Боотур»  диэн  олоҥхону  олоҥхолообута.
        Сарсыныгар  бараары  олорон  «Дьаһала  суох  уулаах  киһи  ырыата»
       уонна  «Эллэй  Боотур  өлөрүгэр  уолаттарыгар  ыллаабыт  ырыата»
       диэннэри  наҕыл  соҕустук  тардан  ыллаабыта.  Олоҥхоһут  Наһаар
       уруу,  ыһыах түһүлгэлэригэр  ыллыыр  улахан  ырыаһыт  киһи  этэ.  Ол
        курдук,  1935  с.  Үчүгэй  Үрэх  ыһыаҕар  дьоннор  наһаа  көрдөһөннөр
        кинини элбэхтик ыллаппыттара. Онно кинини дьон олус сөбүлүүрүн,
       ытыктыырын  итэҕэйбитим.
            Наһаар Бөтүкүөп сүдү олоҥхоһут этэ.  Кини бэрт оҕо сааһыттан
       олоҥхолуу  үөрэммитэ.  Ол  киниэхэ  дьиҥнээх  идэтийбит  олоҥхоһут
       буоларыгар  улаханнык  көмөлөспүт  буолуохтаах.  Сааһыран  баран
       олонхолообут  киһи  ситэтэ  суох  олоҥхоһут  буолааччы.  Уонна  кини
       айылҕаттан  уус-уран  тыллааҕа,  уһун  тыыннааҕа,  күүстээх  кэрэ
       куоластааҕа.  Дьиҥнээх  толору,  үс  көлүөнэ  бухатыырдаах  олоҥхону
       олоҥхолооччу олус  сэдэх буолааччы.  Бэркэ дьарыктаммыт уһулуччу
       талааннаах  эрэ  олоҥхоһут  кинини  кыайа  тутан  олоҥхолуура.
       Олоҥхоһуг Наһаар итинник олоҥхоһуттарган биирдэстэрэ этэ. Биир­
       дэ мин киниттэн: Төһө олоҥхону билэҕин, доҕоор, диэн ыйыппыппар:
        «Ээ,  оттон  буордары-сыыстары  мустахпына  30-чаны  олоҥхолуом
       эбитэ  буолуо»,  — диэбитэ.
            Мин  Олоҥхоһут  Наһаартан  элбэхтик  үөрэммитим.  Киниттэн
       түөрт  олоҥхону  билэн  иҥэриммитим.  Олор  ааттара  манныктар:
        «Хайҕамсах Хара Хаан оҕонньор, Хабыр баай эмээхсин», «Байдам сиэр
       аттаах  Баабый  Баатыр»,  «Сарахана  күүркэнньик»  уонна  «Алаатыыр
       Ала  Туйгун».  Кэлин  миигин:  «Төһө  үчүгэй  олоҥхоһут  буолбуккун
       билиэхпин  баҕарабын»,  —  диэн  олоҥхолотон  истибитэ.  Онно  Мо-
       чохоос уола Миитэрэй Буурсаптан ылбыт «Дьалхааннаах сырыылаах,
       дьалысханнаах айаннаах дьаҕыл сиэр  аттаах хаан  айыы Дьаргыстай»
       диэн  олоҥхону олоҥхолоон  биэрбитим.
            «Алаатыыр  Ала  Туйгуну»  олус  биһирээммин  эдэр  сааспар
       олоҥхолуу  сылдьыбытым.  Уонна  бу  билигин  кырдьан  олороммун
       бастакы үйэтин (15000 строка),  иккис үйэтин (18000 строка)  1963 с.,

                                                                        75
   74   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84