Page 103 - Олоҥхо биһигэр
P. 103

гуйугар буһан-хатан киһи дуу, кии дуу буоларын соччо-бачча бу диэн
       тобулбатар да, бэйэтин чэгиэнигэр, чэбдигэр, тэтимигэр эрэнэн, олох
       охсуулаах, очурдаах суолугар турунан тиэтэйэн истэҕэ. Оттон ааллаах-
       тар  быһа  айманан-сайманан  туораһар  дьону  күүппүтэ  буолан,  бэрт
       наҕыллык оҥостон аалларыгар сүөһү,  көлө, дьон тиэнэн, уста түһэн,
       туораан  хайа  иннигэр  тиийэн  тиксэллэр.  Наара  Суох  аргыстаһыах
       айылаах,  кини  курдук  сулумах  киһитэ  суох.  Сорох  сүөһүлээх,  со-
       рох сүгэһэрдээх буоланнар,  кини аалтан түһээт, да суол устун  сулбу
       Ыкынаантан ылбыт өйүөтүнэн үссэнэ-үссэнэ суол кытыытыгар тахсан
       мае кытыытыгар нуктаан ыла-ыла күн киэһэриитэ Киллэмҥэ тиийэн
       хонон ааһарга быһаарынан,  биир ыалга киирэн кэпсэтэ олорбут.  Ол
       олордоҕуна аҕамсыйа барбыт дьиэлээх киһи хантан сылдьарын,  ким
       диэн  ааттаах  киһи  оҕото  буоларын сураһан  истэн  баран  ыйыппыт:
            —  Эн  Бороҕон  Суотту  буоллаххына,  бука  ааттаах  олоҥхоһут
       Бүөтүкэ диэни  истэриҥ,  билэриҥ буолуо,  ол киһи хайдах олороруй?
            — Ол  киһи быйыл саас сөтөл  буолан өлбүтэ,  — диэн хоруйдуур.
            Онуоха дьиэлээх  киһи  соһуйан:
            —  Туох даа,  барахсаны даа,  —  диэн  баран  кириэстэнэн  сапсы-
       нар уонна салҕаан ыйытар.  — Олоҥхоһут киһи туйах хатарааччылаах
       буолар.  Онно  кинини солбуйуох олоҥхоһут баар дуо?  —диэн.
            Онуоха Наара Суох,  баҕар,  миигин олоҥхолоо диэн  соруйаарай
       диэбит санаатыгар:
            —  Оннук  улахан  киһи  баара  биллибэт.  Арай  убайбыттан  ылан
       ииппит кыра оҕо Тиэхээн диэн баар.  Биһиги кинилиин  Бүөтүккэни
       үтүктүбүтэ  буолааччыбыт,  — диир.
            —  Ноо,  оччоҕо  олоҥхонон  дьарыктанан  эрэр  буоллаҕыҥ  дии.
       Хата, бу үчүгэй! Хайа, олоҥхолоон иһитиннэриэҥ буолаарай? — диэн
       сэргэҕэлээн  көрдөһөрдүү туттан  олорон  ыйытар.
            —  Оттон  истиэххит  буоллаҕына,  ол  Бүөтүккэни  үтүктэрбинэн
       олоҥхолоон да көрүөм,  — диэн табыллыбытыттан  үөрэн  сөбүлэһэр.
            Маны  истэн дьиэлээх киһи  үөрэн,  эҕэ-дьэҕэ  буолан:
            —  Киэһэ  чэй  кэмэ  буолбут  уонна  ыраахтан  сылдьар  ыалдьыт-
       хоноһо  оҕо  аччыктаабыта  да  буолуо,  аһыах  этэ.  Чэйи  тиэтэтиҥ
       уонна  бу  оҕолор  чугастааҕы  ыалларгытыгар  олоҥхоһут  кэллэ  диэн
       биллэриҥ.  Олоҥхо  истибэтэхтэрэ  ыраатта,  кэлэн  истиэх  этилэр,  —
       диэн дьаһайбытынан  барар.
            Ол курдук сып-сап аһаан бүтүүлэрэ, дьон мустан бараллар. Кэл-
       бит  дьон  олоҥхоһуту  көрдөөн  харахтара  сүүрэлиир  да,  соччо-бачча
       табан  көрбөттөр.  Олоҥхоһуппут  ити  оҕо  буоллаҕа  дуу  диэн,  хайдах
       эрэ  мыына  санаабыт  курдук  туттан  күүтэн  олордохторуна,  Наара
       Суох  олоҥхоһукка  анаан  уурбут  олоппосторугар  олорунан  кэбиһэр
       уонна:
            — Олоҥхобутун тугуттан саҕалыыбыт,  — диэн чахчы олоҥхоһут
       киһи  куолутунан  ыйытар.
            Онуоха бу саҥа олоҥхоһут хайдаҕын,  тугун  билээри:
       1'                                                              9 9
   98   99   100   101   102   103   104   105   106   107   108