Page 125 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 125

Тобулута тоҥсуйуохтара.
                   Биир кэбирэх эттээхпитин
                   Урут сиэхтэрэ,
             4970  Биир бөҕөбүт орд он хаалыа,
                   Онно бараҕын дуо, нойон, киһиэ? — диэтэ
                   Абааһы уола.
                      Онуоха буоллаҕына
                   Алаатыыр Ала Туйгун:
                      — Кор да маны,
                   Бу дойдуга
                   Тимир дэриэтинньик
                   Тииһин-тыҥыраҕын хоппокко
                   Сии-аһыы охсубатым диэҥҥин,
             4980  Өлүү чөҥөрө байҕал
                   Үөнүгэр-көйүүрүгэр сиэтээри,
                   Сүбэ булаахтаатыҥ дуо,
                   Түүнүк сирэй
                   Чэ, барыах эрэ, — диэтэ
                   Алаатыыр Ала Туйгун.
                   Айыылаах абааһы бухатыырдара
                   Хара сымара таас
                   Хабырыта барыар дылы
                   Хатан часкыыры
             4990  Часкыйа түһэн бараннар
                   Хахай кыыллыы
                   Хапсан ыллылар,
                   Хады-куду харбастылар,
                   Хамса быатын курдук
                   Хам ыга эристилэр.
                   Үөһээ бөҕө үмүрүйүөр
                   Аллараа бөҕө
                   Нэмирийиэр диэри
                   Үөгүлэһэ түһэн бараннар
             5000  Өксөкүлээх хахай буолан,
                   Үрдүк халлаан
                   Үмүрүйэр төбөтүгэр
                   Өрө уһууран тахсан бараннар,
                   Тэбиэ маҥан халлаан
                   Чинэрийэр уорҕатыттан
                   Тэбинэн кэбистилэр.
                   Өл үү чөҥөрө байҕал
                   Үллэр үөһүгэр
                   Үрдүк таас хайа
                                     121   -
   120   121   122   123   124   125   126   127   128   129   130