Page 14 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 14

Торҕон борө курдук
                   Улуһа хааллылар,
                   Сымара таас ойута барбыта
                   Сырҕан эһэ курдук
                   Часкыһа хааллылар.
                   Хайыр таас хайыта барбыта
                   Хардааччы кыыл курдук
                   Хаһыытаһа хааллылар.
                   Хайдыы кэҥистэри *
              210  Хардыыларын иһигэр хааллартаатылар.
                   Үҥкүр күөллэри
                   Үрдүнэн ойуолатан,
                   Моой тумуллары
                   Буурдарын иһигэр быраҕан,
                   Буурҕа-силлиэ аргыстанан,
                   Буут быстарынан
                   Муҥутуур түргэнник айаннаан
                   Бурҕачытан истилэр.
                   Аттаахпын диэн
              220  Аттаах куоплата,
                   Хайыһардаахпын диэн
                   Хайыһардаах хаалбата.
                   Наарта сыарҕа
                   Сыҥааҕын курдук
                   Тэбис-тэҥҥэ
                   Тардыалаһан истилэр.
                   Бу иһэн
                   Хайыһардаах киһитэ
                   Саманнык диэн
              230  Саҥа-саҥара испитэ үһү:
                      — Алаатыгар, алаатыгар!
                   Аллаах айаннаах,
                   Ахсым сырыылаах,
                   Араҥас сиэр аттаах
                   Аҕыс ыйдаах
                   Алаатыыр Ала Туйгун бухатыыр!
                   Атаска холуйбатах атаскааныам,
                   Доҕорго холуйбатах доҕоруом,
                   Үөһээ дойдулуу
               240  Түөртмүһэм
                   Сүгүрүс буоллун,
                   Аллараа дойдулуу
                   Аҕыс мүһэм
                                  -    10  -
   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19