Page 16 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 16

Тоҕус тарбаҕым курдук
                   Чопчу* билээхтиир бэйэкэм!
                   Торҕо сиигинэ сииктээх,
                   Туос араҥатына араҥалаах
              290  Анаан өстө амманый,
                   Күндү күөмээй көрүдьүөһэ,
                   Халдьыр күөмэй халдьарыта,
                   Эйэҕэс күөмэй эгэлгэтэ,
                   Дьухха күөмэй тойуга,
                   Суолга түбэспит доҕоруом,
                   Аартыкка көрсүбүт атаскааным.
                     Онуоха буоллаҕына
                   Алаатыыр Ала Туйгун
                   Саҥалаах-иҥэлээх
              300  Буола истэ:
                     — Дьиэ буо, дьиэ буо!
                   Атын, атын дойдулар
                   Араскаатгаах аартыктарыгар
                   Албын-көлдьүн тыллаахтар
                   Аҕыйаҕа суох буолуохтара,
                   Туспа-туспа дойдулар
                   Суолларын тоҕойугар
                   Торҕой соҕус дьоннор,
                   Бэригимсэх идэлээхтэр,
              310  Бэрис-аҕал диэччилэр
                   Бэрт элбэх буолуохтара.
                   Онуоха барытыгар
                  Туура тутан ылан
                  Туттаран ыытыахха айылаах
                  Туох да чорбоҕум
                   Суохха дылы эбээт!
                   Суолга көрсүбүт доҕоруом,
                   Баран иһэр сирбин
                   Бэйэм даҕаны
              320  Барыллыырым буолуо,
                  Айаннаан иһэр
                  Аартыгым арахсыыларын,
                  Уһун суолум тоҕойдорун
                  Удумаҕарыырым буолуо,
                  Аартыгын араарбат
                  Акаары оҕону көрөҥҥүн,
                  Албыннаары киннэҕиҥ* буолуо,
                  Аартыкка көстүбүт

                                  -    12  -
   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21