Page 18 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 18

Арбаҕас да сонноох буолларбын
                   Аҕыс уон
                   Аҥылҕаннаах салгыннаах
                   Айдаан үрэхтэр бастарыгар
                   Арбы-сарбы
                   Ааттаах буолаайыкпыный?!
                   Алыс сэнээмэ эрэ,
                    Нохой киһиэ!
               380  Суол ийэ
                   Токоолоох буолаарай,
                   Аартык хатын
                   Араскааггаах буолаарай?
                    Сэп барда сэрэн,
                    Ох барда оҥоһун!
                    Сэрэппэккэ сиэтэ,
                    Өйдөппөккө өлөрдө
                   Диэйиккиний, — диэт,
                   Тэбис-тэҥҥэ
               390  Ох саа оноҕоһо
                   Уот сындыыс курдук
                    Субурус гынаат,
                   Араҕас сиэр ата
                    Сүллуүлээх сүрэҕин туһунан
                   Түһүөҕэ өргөстөөх
                    Сүөм хаалтын кэннэ
                   Анарааҥҥыта Ала Туйгун
                    Куо дьэллик
                    Кымньыытын угунан
               400  Өрө охсон кэбиспитэ,
                    Ыҥыырын үөһээ бүргэҕинэн
                    Сытыы чаҕылҕан курдук
                    Килбэс гынан ааста.
                   Уҥуоргу тумуллар
                   Туруук таас төбөлөрүгэр
                    Сүллээх этиҥ курдук
                    Өрө саалла түстэ.
                   Анараа хайалар сатараатылар,
                    Бэтэрээ хайалар мэҥирээтилэр.
               410  Тоҕус иччитэх
                    Киҥкийэ хара
                    Үрэх бастара
                   Дуораһыйа түстэ.
                    Онуоха буоллаҕына

                                   -    14  -
   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23