Page 157 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 157
Силлиэ-буурҕа сирдьиттэнэн,
Сиэллэрэн-дьигиһитэн,
6260 Айаннатан-астаран,
Уурдаран-оҕустаран,
Дьабыдытан-дьалкытан истэ.
Сэттэ иччитэх
Дьэбин уоһуйа байҕал
Чиэрэс өртүттэн
Сир ийэ
Сириэдийэр сиксигэр,
Дьиппинийэр улаҕатыгар
Тиийэн кэллэ.
6270 Аҕыс атахтаах
Адьарай бөҕө аймахтара
Аймаһыйан үөскээбит
Аҥылҕаннаах-аргыардаах
Аас мэҥилгэн байҕалларын
Бэтэрээҥи өртүгэр,
Бэтиэктиир кытыытыгар,
Айыы сирин
Сардаҥалаах тардыытыгар,
Өһөгөйдөөх улуу сирин
6280 Үҥкүрүйэр буоругар,
Ытыллар ыпсыытыгар
Аҕыс таллан эбириэн,
Тараах күрдьүгэс
Тараҕай таас хайалар
Соһуу былыт соһуутун
Үрүт өртүнэн
Өрө үүнэн турар
Өргөстөөх төбөтүгэр,
Үрдүк мөҕүөнүгэр
6290 Өрө сүүрдэн тахсан,
Өҥөс гынан көрбүтэ —
Айыы хаан аймахтара,
Адьарай бөҕө биистэрэ
Аймааһыннаах аартыктара,
Соболоҥпоох суоллара,
Содуомнаах дойдулара,
Мэккиэрдээх билиилэрэ,
Былдьаһыктаах мырааннара,
Охсуһуулаах очуостара,
6300 Кыргыстаах кыһамнара,
- 151 -

