Page 158 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 158

Илбистээх иирик сирдэрэ
                    Илгистэ-холгуста турар эбит.
                       Ыйа-күнэ биллибэт
                    Ыыс-бьщаанынан тыыммыт,
                    Күнэ-ыйа көстүбэт
                    Күдэрик буурҕанан
                    Оргуйа турар.
                    Күлүк боруҥуй дойду
                    Күлүгүрэн көһүннэ.
              6310  Күдэрик буурҕа атаҕар
                    Үөр тайах кыыллар
                    Үргэн үөмэлэһэ
                    Сылдьаллар дуу диэбитэ,
                    Үҥүү-батас төбөтө
                    Өрүтэ охсуһа
                    Турар эбит,
                    Кыыл таба үөрэ
                    Кыйдана сылдьаллар дуу диэбитэ,
                    Кылыс батыйа төбөлөрө
               6320  Кылабаччыһа кырбаһаллар эбит.
                       Ол ыыс былаҕай
                    Буурҕа ортотуттан
                    Саманнык диэн
                    Ырыа дорҕооно иһилиннэ:
                       — Дьиэ буо, дьиэ буо!
                     Бу көстүбэт бөҕө күтүрдээхтэрин
                     Кыайар кыах быһынна,
                     Көлбөрүтэр күүс эһиннэ.
                     Күн айыы аймахтарыттан
               6330  Көмүскүүр күүстээх
                     Киммит кэлиэ баарай,
                     Биһиги диэки санаалаах
                    Айыы хаан аймахтарын
                     Араҥаччылыырга анаммыт,
                     Күн өркөн уустарын
                     Көмүскүүргэ үөскээбит,
                    Дьөһөгөйтөн төлкөлөммүт,
                     Аҕыс айыы төрдүттэн
                     Алҕанан айыллыбыт
               6340  Араҕас сиэр аттаах
                     Алаатыыр Ала Туйгун
                     Биһиги модун күүстээх бухатыырбыт
                     Уобар-соллоҥ иҥсэлээх,
                                      152  -
   153   154   155   156   157   158   159   160   161   162   163