Page 159 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 159

Оһол-төрүөт олохтоох,
                    Оботтоох-чуттчурҕаннаах
                    Отут удурҕаччы хара удьуордарын
                   Торолуйар тойоно буолбут,
                    Ускунньахтаах Уот Кутаалыҥса
                    Уоҕан уола
              6350  Өксөкүлээх Биэхэстэй
                    Үөлэҥ Харбыалыкы
                    Хара аттаах өлөр өлүү
                    Түбүлээн Хара бухатыыры кытта
                    Охсуһа барбыта
                    Тоҕус төгүрүк сыла
                    Туолан кэллэ.
                    Ол тухары
                    Охсуһа сылдьар
              6360  Бэйэккэтэ эбитэ дуу?
                    Абааһы бухатыыра кыайдаҕына,
                    Айыы аймахтарын
                    Аҥардастыы баһылаан,
                    Аһылык оҥостон,
                    Адьас баратыахтара,
                    Икки атахтааҕы эһиэхтэрэ,
                    Имириир тыастааҕы мэлитиэхтэрэ.
                    Оттон биһиги бухатыырбыт кыайдаҕына,
                    Күн айыы дьоно
              6370  Көҥүл босхо баран,
                    Күннэрэ тахсан,
                    Күөрэгэйдэрэ ыллаан,
                    Күөх сибэккилэрэ тыллан
                    Күлүө-оонньуо,
                    Көрүлүө-нарылыа этилэр.
                       Ону иккиттэн биирин
                    Хаһан истэн,
                    Уоскуйуох бэйэбитий.
                    Күүстээх-уохтаах
              6380  Күн Көлүөнэй бухатыыр
                    Көмөлөһүөххэ айылаах
                    Күндү доҕордооххунуй,
                    Абырыахха айылаах
                    Аналлаах атастааххыный,
                    Ыраах да буоллар
                    Ыҥыран көрүөҥдуу,
                    Нойон киһиэ,
                                   -    153  -
   154   155   156   157   158   159   160   161   162   163   164