Page 186 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 186
7420 Үрдүк хара тыатын
Үрүйэ аанын курдук
Үмүрүччү тардан,
Өрүкүтэ турда.
Хагдаҥ хара тыаны
Хайыта тэптэрбитэ,
Саас-үйэ тухары
Хайды ы кэҥис буолан
Хайыта солоон барда,
Үрдүк хара тыаны
7430 Өҕүлүннэри үктэппитэ,
Үйэ-бодо тухары
Үрүйэ үрэхтэр буолан,
Өрүкүһэ сүүрэн хааллылар.
Сис хара тыалары
Сиҥнэритэ тэптэрэн ааспыта,
Чэҥнээх үрүйэ буолан
Иҥнэри тардан түстүлэр,
Тумул хара тыалары
Тоҕута тэптэрбитэ,
7440 Тоҕуһун үйэ тухары
Муус уораан буолан,
Дьөлүтэ тардан ылла.
Тэбиннэрэн ааспыт сирэ
Дьэс тыымпылар буолан,
Дьэбидиһэн хааллылар.
Дьөлүтэ үктэнэн
Чүөмчүлээбит сирэ
Чүөмпэ көлүйэ буолан
Чөҥөрүһэн түстүлэр,
7450 Үктэтэн ааспыт сирэ
Үҥкүр күөллэр буолан,
Үмүрүччү тардан хааллылар.
Хагдаҥ хара тыа
Хаппыт хамыс чахчатын курдук
Хампарыта барда,
Куруҥ хара тыа
Кур кулуһун курдук кумаланна.
Болбукталаах тиит
Муннун үүтүгэр түстэҕинэ,
7460 Төтгөрү тыыныытыгар
Буор былыт курдук
Үлтү баран истэ.
- 178 -

