Page 216 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 216

Хара аартык устун
              8710 Тэлиэс-былаас тэбинэн,
                    Тэнтик-мунтук уктэнэн,
                    Түҥкэл-танкал
                    Сүүрэ турда.
                       Ол кэнниттэн
                    Көтөҕүлээх Көдөлү Хара
                    Бухатыыр батыста,
                    Ол кэнниттэн
                    Охсуулаах Уоһуйа Хара
                    Бухатыыр эккирэттэ
              8720 Кэннилэриттэн тойонноро
                    Алаатыыр Ала Туйгун
                    Ситэ баттаан
                    Бэкидийэн истэ.
                       Иитэ-саҕата биллибэт
                    Иҥнэри-таҥнары,
                    Эриэллэҕэс-буруллаҕас,
                    Эрэйдээх эриэһиннээх,
                    Иһилгэ-таһылга
                    Аартык устун
              8730 Эккирэтиһэн түһэн
                    Бара турдулар.
                    Аҕыс иилээх-саҕалаах,
                    Атааннаах-мөҥүөннээх
                    Аан ийэ дайды
                    Алтан чаан
                    Сиксигин курдук
                    Аалыллан түһэр
                    Анысхааннаах-мэҥилгэннээх
                    Анарааҥны тардыыта буолла.
              8740 Отут ургунньахтаах
                    Орто-туруу дьоҕул дойду
                    Уйан өтүүк тумсун курдук
                    Умсары дьиппинийэн тиийэн,
                    Уораһыйар улаҕатыгар
                    Сир ийэ
                    Сири иһит
                    Сиксигин курдук
                    Сириэдийэн -дьиппинийэн,
                    Тиийэн баран,
              8750 Бүтэр уһугар,
                    Мүлтүйэр төбөтүгэр
                                     208  -
   211   212   213   214   215   216   217   218   219   220   221