Page 215 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 215
Утахтаммытым ордугун
Отуттуу бухатыырдарын
Омурдум иһигэр хаайаммын,
Илдьэ киирэн,
8670 Уруу-ыһыах бастыҥнарыгар
Уллуктарын-сотолорун,
Уҥуохтарын-мүһэлэрин
Түҥэтэн биэрэр буоларым.
Аллараа дайды
Аҕыс биис уустарын
Ааггаах атамааннара,
Бэгидийэр бэртэрэ
Уобан топпотох,
Омурдан астымматах
8680 Уобар Хара бухатыыр диэн буолабын.
Тойонум оннугар
Тойон оҥостуом,
Тохтоо да нохоо,
Таһыйыма, — диэтэҕэ
Абааһы уола.
Алаатыыр Ала Туйгун:
— Оннук эбит буоллаҕына,
Ол суостаах тойонуҥ
Суола-ииһэ
8690 Ханан барда,
Сирдээ эрэ, — диэтэ.
— Алаатыгар оҕолоор!
Аҕыстаахпыттан айгыстан
Аартык оностубут*,
Сэттэлээхпиттэн тиэстэн
Чиҥэтэн-кэҥэтэн тэниппит
Сирим-дайдым буоллаҕа
Сирдээбэт бэйэлээх
Буолуом дуо?
8700 Мин диэтэх киһи
Силлиэлээх айаммын
Ситэргит эбитэ буоллар,
Сибилигин аҕай
Тиийиэ этибит, — диэтэ да,
Тэбиэн кыыл
Тоноҕоһун уҥуоҕун курдук
Т эхтирдээх-очурдаах,
Тэбиилээх охсуулаах
- 207 -

