Page 222 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 222

Аллаах айаннаах,
                   Ахсым сырыылаах,
                   Араҕас сиэр аттаах
              8970  Алаатыыр Ала Туйгун
                   Аллараа, үөһээ дайдынан
                   Албан аатын'
                   Атыыр оҕус буолан,
                   Лаҥкыначчы айаатаан,
                   Аатырбыт эбиккин.
                   Мин диэтэх киһини
                   Саныыр санаабын
                   Таба таайбыккын,
                   Өйдүүр өйбүн
              8980  Өтөрү билбиккин.
                   Кырдьыга даҕаны,
                   Күн анныгар
                   Күөкэримэ доҕор
                   Көстөөрөй диэммин,
                   Күндүккэтэн туран,
                   Көһүппүтүм суоҕа.
                   Киһи буолан бараммын
                   Кэтэспитим эрэ,
                   Кэргэн көрдьөһөр киһи
              8990  Кэлээрэй диэммин,
                   Кэтэһээхтиир да этим.
                   Кэлэн биэрдэҕэ
                   Кэбирэҕин эриэхсит,
                   Үтүө киһи
                   Өҥөлөһөрүҥ даҕаны
                   Өлгөмчү  эбит.
                   Бастыҥ киһи
                   Манньаҥ даҕаны
                   Балтаччы эбит.
              9000  Бэрт киһи
                   Биэртиҥ даҕаны
                   Бэлтэччи эбит.
                   Мин убайым
                   Уот Субурҕа бухатыыр
                   Орто дойдуттан
                   Толомон Суорун оҕонньор
                   Тоҥкуруун Баай эмээхсин
                   Аччыгый оҕолорун
                   Аҕыс былас суһуохтаах
                                      214
                                  -
   217   218   219   220   221   222   223   224   225   226   227