Page 219 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 219

Силбэһэр ыпсыытыгар
                    Биэрэҕин булларбакка,
              8840  Бискэҥнии сытар
                    Ап Чалахай байҕал
                    Иччитэ буолбут
                    Өһөх Сөрөнөкүй
                    Уот Кутаалай удаҕан,
                    Эн диэтэх киһини
                    Араскаатгаах аартыгын
                    Аһан биэриэ диэн,
                    Буомчулаах суолун
                    Тобулан биэриэ диэммин,
              8850  Илии тутуурдаах,
                    Өттук харалаах,
                    Хоой хостуурдаах,
                    Хоннох аһардаах,
                    Лөкө сүгэһэрдээх,
                    Сөҥ төргүүлээх,
                    Батыччы манньалаах,
                    Тута туттарыылаах,
                    Уон тарбах
                    Оноҕойдоох уунуулаах,
              8860  Биэс тарбах
                    Мэнэгэйдээх биэриитинэн
                    Бэлэх-туһах
                    Биэрээри кэллим.
                    Ол тугуй диэтэххинэ
                    Аллараа дайды
                    Албан ааттаахтарыттан
                    Талан-талан таһаардым,
                    Үөһээ дайды
                    Үтүө сурахтаахтарыттан
              8870  Сүүмэрдээн-сүүмэрдээн түһэрдим,
                    Орто дойду
                    Дьоһуннаах үтүө туйгуннаахтарыттан
                    Чулуулаан чулуулааммын,
                    Доҕоро суох
                    Дьон гиэнэ туйгуннарын,
                    Кэргэнэ суох
                    Уолан дьон одьунаастарын,
                    Үс үтүөкэннээх
                    Дуолан бухатыыр уолаттары
              8880  Булан аҕаллым.
                                      211  -
   214   215   216   217   218   219   220   221   222   223   224