Page 251 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 251

Уорн убайым
                   Уот Субурҕа бухатыыр,
                   Ол аптаах моҕой үөнүн
                   Уҥа кулгааҕын иһиггэн
                   Уоран ылбатарбыт эрэ,
                   Эн биһигини
                   Ойох, эр буолан
            10220  Олохолоруҥ,
                   Ураһа туттан
                   Ураадьыйыҥ диэбэт киһи буолуо.
                   Өлөрөртөн атыны өйдөөбөт,
                   Мэҥиэстэртэн атыны билбэт,
                   Сииртэн атыны
                   Тэрийбэт киһи буолуо.
                   Эйиэхэ буоллаҕына
                   Ойоҕо суох сылдьар
                   Ооҕуй муҥа буолуо эбээт,
            10230  Миэхэ буоллаҕына
                   Эрэ суох сылдьар
                   Эрэйэ-накааһа
                   Эппин хааммын эрийдэ.
                   Онон эбит буоллаҕына
                   Убайым тойооскуну,
                   Улуу күтүрү,
                   Уллуҥ сирэйи
                   Утуйа сыттаҕына,
                   Өлөрөн-үөстээн бараммыт
            10240  Эн биһиги бэйэбит
                   Көҥүлбүтүнэн күөдүлгэхтээн,
                   Талбыппытынан таалалыах этибит.
                   Ол гынан баран
                   Ол мин убайым
                   Обургу-дьаалы
                   Аптаах моҕойо
                   Бэйэтигэр баарын тухары
                   Быһар быһарһынан
                   Быһа оҕустаххына,
            10250  Икки буолан бэкидитиэ,
                   Төбөтүн оройунан
                   Хайа оҕустаххына,
                   Түөрт буолан түөһүллэн туруо.
                   Куотар бөҕө
                   Кубулрппын киллэрдэхпинэ,
                                  -    243  -
   246   247   248   249   250   251   252   253   254   255   256