Page 310 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 310

12750  Дьаныардааххын сарбыйан,
                   Хатааннааххын хаптатан,
                   Адьарай бөҕө
                   Аартыгын сабан,
                   Көстүбэт бөҕө
                   Суояун бүөлээн,
                   Үгүс элбэх
                   Үс саха төрдүгэр
                   Үйэ-саас тухары
                   Өлбөт-сүппэт
             12760  Үтүөнү оҥорон,
                   Иитиллэн үөскээбит
                   Ийэ дайдыгар,
                   Иэримэ дьиэҕэр
                   Эт бэйэҕинэн
                   Эргиллэн кэлбиккин,
                    Күн өркөн уустара
                   Өрөгөйбүт үрдээтэҕэ,
                   Айыы хаан аймахтара
                    Саргыбыт салалыннаҕа, — диэн баран,
             12770  Халыҥ көбдөхтөрүттэн
                   Хардарыта куустуһан туран,
                    Үөһээ-аллараа уостарыттан
                    Үстүү хамыйах хааны
                    Суптурута уураһан ыллылар.
                   Дьиэ кэргэттэрэ
                    Сэргэхсийэн уһуктан,
                    Үөрэн-кетөн
                    Үллэҥэлэһэн турдулар,
                    Күлэ-үөрэ көрүстүлэр,
             12780  Куо-дьаа кэпсэттилэр,
                    Күөс бөҕөнү
                    Күдүөрүччү күөстээтилэр,
                    Ас бөҕөнү
                    Адаарыччы астаатылар.
                    Көтөҕөн-сүгэн үөскэтэн,
                    Күн сирин көрдөрбүт
                    Күбэй хотун ийэтэ
                    Кылааннаах өргөстөөх
                    Кыыс Ньургун бухатыыр
             12790  Астаан-үөллээн айбалдьыйда,
                    Аһатаары-сиэтээри аамалдьыйда,
                    Үөрэн-көтөн мичилийдэ,

                                  -    302  -
   305   306   307   308   309   310   311   312   313   314   315