Page 315 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 315
Күө-дьаа кэпсэтэн,
Көбө-саба хаамсан,
Күөрүү-саарыы,
Күлэ-оонньуу,
Көн үл-босхо
12970 Күдүөрүһэн олордулар.
Алаатыыр Ала Туйгун
Оронутган-тэллэҕиттэн
Уолуйбут-соһуйбут курдук
Урбачыс гынан ойон турда,
Уҥа-хаҥас диэкинэн урбачыйда,
Дьиэтин тула эргийдэ,
Суол ааныгар тиийэн
Чугурус гына түспүтэ —
Тоҕус уолан киһи
12980 Тустаары ньыппарынан,
Туруулаһан тутуһан,
Туралларын курдук
Суорба марн
Тулааһын баҕаналар
Субуруччу анньыллан,
Лоҥкунаһан тураллар.
Онтон биирдэригэр
Оҕо эрдэҕинэ
Оонньуур оҥостубут
12990 Оноҕос саата аҥаалык улар саҕа
Аар сатанахха
Аҥаар курааҕыттан
Ыйанан турар эбит.
Ону көрөн баран,
Оҕо сааһын санаата
Оонньуох-көрүлүөх өйдөннө:
— Аарт-татай, оҕолоор!
Оһуор хара тыаҕа
Ойон тахсан,
13000 Улардаан хабдьылаан,
Бочугурастаан - куобахтаан,
Бултаан-алтаан,
Бодьоруччу сүгэн,
Булан-талан киирэн,
Буһуруччу күөстэнэн,
Будуулуу олорор
Үчүгэй да буолуо этэ.
- 307 -

