Page 319 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 319

Ботуччу сүгэһэрдэнэн,
                   Бурҕайан-сиргэйэн,
                   Тугу бултаан тиийдэхпинэ,
            13140  Дьонум-сэргэм
                   Сонургуу көрүөхтэрэй диэн,
                   Толкуйдуу саныы турдаҕына,
                   Тус иннигэр
                   Эрбэллибит мутуктаах,
                   Эриэхэлээх төбөлөөх,
                   Эриллэҕэс хатырыктаах,
                   Сиэрэй күөх
                   Тэлибириир  сэбирдэхтээх
                   Силигирии көҕөрөн турар
            13150  Тирэх маһым
                   Куоҕайар төбөтүгэр,
                   Нусхайар мутугар
                   Чөрөллүбүт кулгаахтаах,
                   Чоҥолуйбут харахтаах,
                   Субуруйбут кутуруктаах
                   Соҕотох сур тииҥ
                   Суулуу туттан,
                   Токуруччу түһэн,
                   Чөрөллөн олорор эбит.
            13160  Ону көрө түһээт,
                   Хапсаҕайдык хамсанна,
                   Суһаллык тутунна,
                   Сулумах оҕунан
                   Тобулу ытан түһэрдэ.
                   Сиргэ тиийиэн иннинэ
                   Ылгын тарбаҕын
                   Ыырааҕын быыһыгар
                   Кыбыта охсон ылла.
                   Ол гынан баран
            13170  Бултаабыт киһиэхэ
                   Булт күндү эбит.
                   Кичэллик тутта,
                   Кэрэхсии санаата,
                   Күндүтүк көрдө.
                   Бу эргэнэ  хара тыам
                   Элбэх үгүс
                   Эгэлгэ түүлээҕиттэн
                   Дьогдьоон хара  тыаҕа
                   Дугдаланан үөскээбит
                                   -    311  -
   314   315   316   317   318   319   320   321   322   323   324