Page 317 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 317
Куугунуу турда.
Бочугурас кыылым
Боруҥуй кутуругун
Бурайа-сарайа
Туппут курдук
Бууруктуйан көстөр
Мунура биллибэт
Буолунай сис тыаҕа
Буур тайахтар
13060 Мустан бөлүөхсэн,
Тураллара да буоллар
Булан көрбөт гына,
Муҥ кыраадыһынан сүүрэн,
Буолунай тэбинэн истэ.
Кута диэн
Хомуру үктэммэтэ,
Бадараан диэн
Батары түспэтэ,
Уу диэн
13070 Тобугуттан ордук тимирбэтэ,
Таас диэн
Бэрбээкэйиттэн быһаҕас үктэммэтэ.
Сис хара тыата
Сиидэлэнэн сиксиллэн
Сэдэхсийэн убаан
Дьэҥкэрэн-силлиэрэн барда.
Кулугуруур сүүрүктээх
Куйаар үрэхтэрэ
Куугунаан бардылар.
13080 Өрүкүйэ турар уулаах
Үгүс элбэх тыраахталаах
Үҥэр үрэх бастарыгар
Үөр таба кыылым
Үөрбэлээх муостарын
Өрүтэ туппут курдук
Өргөстөөх төбөлөөх
Үрдүк таас хайалар
Үрүт өртүлэринэн
Өрүтэ сүүрэн таҕыста.
13090 Лабыкталаах ойуурдар
Даарда тайах кыылларын
Салбахтаах салаалаах
Лаҥкыр бороҥ муостарын
- 309

