Page 318 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 318
Адаарыччы туппут курдук
Адаардаах төбөлөөх
Аарыма таас хайалары
Таҥнарыта сүүрэн
Лаһыгыраан түһэн истэ.
Бу истэҕинэ
13100 Чубуку кыыл чуоҕуйбут,
Даадаҥ кыыл дьаарбайбыт,
Бэдэр кыыл мэнээхтээбит,
Буобура кыыл мустубут,
Буһугуруур муус уорааннаах
Таарбаҕан кыыл дайдыламмыт,
Таһыгырыыр таас дайды буолан,
Сат кыылым*
Сарбынньахтаах кутуругун
Сараадыччы туппут курдук,
13110 Лабыкталаах ойуурдара
Дьарҕаалана сыыйыллан,
Кустук курдук
Кунустанан кундааран көһүннэ.
Итиннэ тиийэн
Тохтоон чугуйан,
Көрөн турбута —
Талах ойуур дуу диэбитэ,
Тайах-таба кыыл
Дагдаҥнас буолла.
13120 Эмэх сыгынах
Элбэх да эбит диэбитэ,
Эһэ-бөрө кыыл
Эймэҥнэс буолла.
Кыраһа хаар диэбитэ,
Кырса-кырынаас
Кымырдаҕас курдук
Кыймаҥнас эбит.
Тоҥ хомурах диэбитэ,
Чубуку-кырса буолла.
13130 Хаар хомурах диэбитэ,
Хабдьы-куобах буолла.
Бу маннык
Үгүс бултаах
Үҥэр үрэх баһыттан
Бултаан-алтаан,
Булан-талан,
- 310 -

