Page 33 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 33

Алаатыыр Ала Туйгун бухатыыр
                   Саҥа саҥара,
                   Кэс тыл кэпсии турда:
                      — Дьиэ буо, дьиэ буо!
             1020  Кылааннаах өргөстөөх
                   Кыыс Ньургун бухатыыр
                   Туох дойду
                   Дьулаҕайын туура тэбэн,
                   Туран кэллиҥ диэн,
                   Соноҕос ат уйбат
                   Суо дьэҥкэ сурахпын
                   Суруур буоллаххына,
                   Аллаах ат кыайан таппат
                   Аан саарбаҥ ааппын
             1030  Аатгатар буоллаххына,
                   Үөһээ дойдуга
                   Аатганар аатым
                   Өксөкү кыыл оҕото
                   Өксөкү буурай аттаах
                   Өксөкүлээх Бүрүө Бөҕө диэн,
                   Аллараа дойдуга
                   Аатганар аатым
                   Хахай кыыл оҕото
                   Хахай сиэр аттаах
             1040  Хаан Дьааһыйа бухатыыр диэн,
                   Орто дойдуга
                   Ааттанар аатым
                   Аллаах айаннаах,
                   Ахсым сырьгылаах,
                   Араҕас сиэр аттаах
                   Алаатыыр Ала Туйгун
                   Бухатыыр диэн буолабын.
                   Аҕыс айыы төрдүттэн
                   Аат ааттанан,
             1050  Алгыс алрнан
                   Айыллан түспүтүм.
                   Айыы хаан аймахтарын араҥаччылыыр,
                   Күн өркөн уустарын көмүскүүр —
                   Халыҥ хаххалара,
                   Суон дугдалара*,
                   Дуолан бухатыырдара буолабын.
                   Ол гынан баран
                   Эргийэн көрдөххүнэ,
                                   -  2 9 -
   28   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38