Page 34 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 34

Эт урууҥ буолуом.
              1060  Хайыһан көрдөххүнэ,
                    Хаан урууҥ буолуом.
                    Ханна эрэ
                    Халлаан улаҕатыгар,
                    Ханнык эрэ хайа хаспаҕар,
                    Сир ийэ сиксигэр
                    Эккиттэн-хааҥҥыттан
                    Биир таммах хааны
                    Таммалатан ааспытыҥ
                    Баара буолаарай,
              1070  Өйдүө эрэ? — диэтэ.
                      Онуоха буоллаҕына
                    Кылааннаах өргөстөөх
                    Кыыс Ньургун бухатыыр
                   Дьикти тылы истэн,
                   Дьиибэргии санаата,
                    Толкуйдаабыт курдук
                    Тохтуу түстэ.
                    Сүрэҕэ сэрэйдэ,
                    Уйадыйа быһыытыйда,
              1080  Харааста санаата,
                    Хараҕын уута
                    Халыс гынна,
                    Көмүскэтин уута
                    Күөгэс гынна.
                    Убул-субул тыынна,
                    Утуу-субуу
                    Саҥара турда:
                      — Дьиэ буо, дьиэ буо!
                    Күнтгэ төрөөн булбут
              1090  Көмүс түөстээх
                    Күндү күөрэгэйим оҕото,
                    Бу орто туруу
                   Дьоҕул дойдуга
                    Кыыс оҕо төрөөммүн,
                    Кыптыый-сүүтүк оннугар
                    Кылыс-батас тутаммын,
                    Күн айыым дьонун
                    Көмүскүүр туһугар
                    Көстүбэт бөҕөлөрү кытта
              1100  Күрэхтээх охсуһууну охсуһан,
                    Күүс-сэниэ быстыбыта,

                                   -    30  -
   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39