Page 38 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 38

Аналлаах уол оҕом
                    Алаатыыр Ала Туйгун бухатыьтр
                    Аҕыс атахтаах
                    Адьарай буолар
                    Аҕыс уон ааһар бөҕө
                    Албастаах буолуохтара,
                    Тоҕус уон куотар бөҕө
                    Кубулҕаттаах буолуохтара.
                    Элбэх  эккирэтиигэ,
               1240  Үгүс өлөрсүүгэ,
                    Сындалҕаннаах сырыыларга
                    Сылдьарыҥ буолуо.
                    Миэхэ өстөммүт өстөрүн
                    Эйиэхэ өһөгөйдүөхтэрэ,
                    Миэхэ хатааннаах саҥаларын
                    Эйиэхэ халбарытыахтара.
                    Оҕом эрэ буолларгын
                    Адьарай бөҕөлөргө
                    Аккааскын этэҥҥин,
               1250  Айыы хаан аймахтарыгар
                    Кэннигинэн чугуйаҥҥын,
                    Киэр хааман биэрэҥҥин,
                    Киһи аймаҕы
                    Алдьархайга тиэрдэр буолаайаҕын,
                    Кэнчээри оҕолоруҥ,
                    Кэнэҕэски ыччаттарыҥ,
                    Кэскиллээх олохторун
                    Кэртэрэн-кэйгэллэтэн,
                    Кэҕиннэрэр буолаайаҕын.
               1260  Туппут илииҥ мүччүрүйбэтин,
                    Үктэммит сүһүөҕүҥ бүдүрүйбэтин,
                    Тирэммит уллуҥаҕын халтарыйбатын,
                    Тулхадыйбат туруук хайа саҕа
                    Дьол-сорту тосхойдун,
                    Таас хайа саҕа
                    Саргы-дьаалы салалыннын,
                    Үрдүк тумул саҕа
                    Өлбөт-сүппэт
                    Өрөгөйүҥ үрдээтин!
               1270  Выдан ыраах дьылларга
                    Быралыйар-куралыйар
                    Бырастыыкай буоллун! — диэн баран,
                    Умсары түстэ,

                                   -  34 -
   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43