Page 30 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 30

Уулдьаҕай инигин,
                    Эйиигин баҕас
               890  Итии хааҥҥын итиитэ иһэн,
                    Буһуу хааҥҥын буһуута омурдан,
                    Тыыннаахтыы туруорбутунан
                    Т ырыта-хайыта тыытан,
                    Чэгиэн эккин сиикэйдии
                    Сибилигин сиэммит,
                    Сэниэ киллэрэн бараммыт,
                    Кыыс Ньургун бухатыыры
                    Кыайан-хотон киирэммит,
                    Тойоммутуттан хайҕанан,
               900  Тоҕус уон
                    Куортугу тутуохпут,
                    Сэттэ уон
                    Мэтээли иилиниэхпит,
                    Абааһы бухатыырдарыттан
                    Атамааннара аатырыахпыт, —
                    Диэтилэр да,
                    Айахтарын аппытынан,
                    Тын ырахтары н сарап п ытынан,
                    Торҕотообут эһэ курдук
               910  Часкыйа түһэн баран,
                    Тэбис-тэҥҥэ кэлэн
                    Саба түстүлэр.
                    Иннинэн-кэннинэн
                    Хамсатыахпыт суоҕа диэн,
                    Хардарыта кууһан,
                    Хады харбаан ыллылар.
                    Алаатыыр Ала Туйгун
                    Обургу дьаалы,
                    Кини диэтэх киһи,
               920  Иниирин күүртэ,
                    Этин тыылыннарда,
                    Дэриэспэ тааһы
                    Дэлбэритэ* тиҥилэхтээт,
                    Дибдигирии түстэ.
                    Сир ийэ
                    Чэҥнээх түгэҕиттэн
                    Титирэстии түһүөр диэри
                    Дьигиһис гынан
                    Илгистэн кэбиспитэ —
               930  Икки абааһы уола
                                   -    26  -
   25   26   27   28   29   30   31   32   33   34   35