Page 35 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 35

Көлөһүн бөҕө тохтубута.
                   Мутугунан быраҕар
                   Мунур үйэбэр
                   Сынньалаҥ олоххо олорбокко,
                   Сылбай уубун утуйбатах
                   Сындалҕаннаах сырыыны сырыттым,
                   Элбэх илистиилээх
                   Эккирэтиини көрүстүм,
             1110  Көстүбэт бөҕө күтүрдэриттэн
                   Көмүскээн ылар
                   Күдэн күүстээҕи,
                   Күн айыы дьонуттан
                   Көрүөм диэбэтэҕим.
                   Ол гынан баран
                   Мин даҕаны тулхадыйбат
                   Туруук хайа курдук
                   Дьолум-соргум
                   Тус иннибэр
             1120  Тосхойбут эбит.
                   Кэннибэр хаалан
                   Кэнчээри ыччаты кэскиллиир
                   Кмһилээх эбиппин,
                   Оннубар хаалан
                   Уот оттор,
                   Уҥуохпун араҥастыыр
                   Оҕолоох буолбуппун.
                   Албан ааппын
                   Айыым дьонугар ааттатыаҥ,
             1130  Дьоһун сурахпын
                   Дьоҥҥо-сэргэҕэ солбуйуоҥ,
                   Уруй-туску буоллун,
                   Уруй-айхал буоллун! — диэтэ.
                      Онуоха буоллаҕына
                   Алаатыыр Ала Туйгун
                   Саманнык диэн
                   Саҥа саҥара турда:
                      — Дьиэ буо, дьиэ буо!
                   Күн сирин көрдөрбүт
             1140  Күбэй хотун ийэккээм,
                   Эйиигин солбуйаары,
                   Эрэллээх оҕоҥ
                   Эккирэтэн кэлэммин,
                   Иннигэр тоһуйдум.
                                   -    31  -
   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39   40