Page 36 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 36
Баччааҥҥа диэри
Айыы хаан аймаҕын араҥаччылаабытыҥ,
Күн өркөн ууһун көмүскээбитиҥ,
Үс саха удьуордарыгар
Өйдөрүттэн түспэт
1150 Үтүөнү оҥорбутуҥ.
Килбиэннээх ааккын
Кэнэҕэски-кэнчээри ыччатгар
Кэпсээн-сэһэн гыныахтара,
Дьоһун сураххын
Урааҥхай сахалар
Ороһулаан төрүүр оҕолоро
Олоҥхолуу оонньуохтара.
Оҕолоох киһи
Оҕото солбуйара уолдьаста.
1160 Эн өстөөххүн кытта
Мин өһүөннэһиэм,
Эн хатааннааххын кытта
Мин хаарыйсыам.
Аан ийэ дойдугар,
Алаһа дьиэҕэр,
Араҕас далбарыгар
Күн Тэгиэримэ Эбэ хотун
Уйгу быйаныттан
Утахтаан олорон,
1170 Уоскуйан-тохтоон,
Сылбай уугун утуй,
Сынньалаҥ олоххо олор.
Мин да
Биһик уйаҕа
Биэбэйдэнэн бигэммэтим,
Үрүҥ көмүс ньилбэккэ
Үҥкүрүйэн үөскээбитим.
Аҕыныахтаах ытыстаах
Аргыый имэрийбэтэҕэ,
1180 Итии тапталлаах
Ийэ хоонньугар сыппатаҕым,
Эрэйдээх соҕустук
Иитиллэн кэллим.
Итии тапталлаах
Ийэкэм барахсан
Этиҥ симэһиннээх буоллаҕына,
Эмиийиҥ үүтүттэн
- 32 -

