Page 41 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 41
1360 Ханыылаһан үөскээбит
Хара ыарҕалаах,
Халлыгырыыр сүүрүктээх,
Хара кулун киинин курдук
Хатыллан эриллэн түспүт
Хайдыы-кэҥис үрэхтэри
Таҥнары сыыйталаан,
Дьабьщыйан-дьалкытан
Өрүкүйэр сүүрүктээх
Үҥэр үрэх бастарын
1370 Өрүтэ сыыйталаан,
Уурдаран-оҕустаран истэ.
Арҕара алаастаах,
Силлиһэ сирдээх,
Үргүлдьү үрэхтээх,
Субуруччу толоонноох
Дойдулар устун
Дохсун этин' курдук ньирилээн,
Добун силлиэ курдук куугунаан,
Ийэ бараан дойдум
1380 Илбиргэстээх-симэхтээх,
Иһэгэйдээх оттоох-мастаах,
Илгэ-быйаҥ таһаалаах,
Иҥнэстигэс илин
Тардыытын диэки
Эҥсэлитэн түһэн бара турда.
Бу истэҕинэ
Соҕуруу диэкштэн кэлэр
Толбонноох сымыытгаах,
Дьорохоно сотолоох,
1390 Дуксуллубут тумустаах,
Туруупканан куоластаах,
Муус маҕан дьүһүннээх,
Туран' буор аһылыктаах,
Токур чиэрбэ үтэлээх,
Чоноҕор унуохтаах
Туруйа кыылым
Тоҥ күөс быстыҥа
Чонойо-чонойо көтөн
Туораан тахсан,
1400 Тумаратын булан түспэт
Киэн Туоллума Эбэ хотун диэн,
Сиргэ тиийэн кэллэ.
- 37 -

