Page 374 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 374

Тобугуҥ үрдүгэр
                   Токуйа кырдьыаххар диэри,
                   Дохсун санааҥ
                   Тохтооботох эбит,
                   Баччалаах үлүгэр
                   Акыйа кырдьан
                   Аарыгырыаххар диэри
                   Ахсым санааҥ
             15510  Ааспат эбит,
                   Аллараа-үөһээ дойдулар
                   Адьарай бөҕөлөрүн
                   Адалытан таһаараҥнын,
                   Айыы хаан аймахтарын
                   Айах тутан,
                   Аһылык оҥорон,
                   Аҕыйатан олорбуккар
                   Баҕаҥ ханымына
                   Маҥалайыҥ туолумуна,
             15520  Күн бүгүҥҥэ диэри
                    Көстүбэт бөҕө күтүрдээҕин
                    Күөдэлитэн аҕалаҥҥын,
                    Күн айыы дьонун
                    Көҕүрэттэрэн эрдэххин,
                    Көрөҕүөн-көрбөккүөн!
                   Чаачарынан ытар
                    Саллайар сааскар,
                    Мутугунан быраҕар
                    Муҥур үйэҕэр
             15530  Бу орто
                   Аан ийэ дойдуга
                    Оһолу-төрүөтү оҥоро,
                    Охсуһууну-айдааны тарда,
                    Уһун сутулу туруора,
                    Ордооттоон олорбутуҥ.
                    Орто дойдуну
                    Тордуйалаах уу курдук долгуһутта,
                    Дьоллоох түһүлгэтин тохто,
                    Уйгу-быйаҥын уоһуннардыҥ,
             15540  Отун-маһын хагдарыттыҥ.
                    Киһитин-сүөһүтүн кэҕиннэрэн,
                    Түҥнэстигэс дьүүллээх,
                    Таҥнастыгас дьаһаллаах,
                    Кэдэрги кэмэлдьилээх,

                                  -    366  -
   369   370   371   372   373   374   375   376   377   378   379