Page 371 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 371

Ол кимий диэтэххинэ —
                   Одун маҕан халлаан
                   Уу дьулайыгар
                   Олохсуйан үөскээбит
                   Улуутуйар Улуу Тойон оҕонньор
                   Уоҕан уола
                   Бүтүннүү уобар,
             15380  Бөрөлүү ыйыстар
                   Куоһара хара
                   Кудулу Моҕой диэн
                   Мунура көстүбэтэх,
                   Баҕата хамматах,
                   Маҥалайа туолбатах,
                   Буулаҕа бухатыыры
                   Булан тоһуйдум.
                   Ону кытта киирэҥҥин
                   Күөн көрсүһэн,
             15390  Күрэс былдьаһан,
                   Тустан охсуһан,
                   Туруулаһан көр эрэ,
                   Нойон киһиэ!
                   Тардыалаһарга хатан тарбахтаах,
                   Тэбиэлэһэргэ чиҥ тиҥилэхтээх,
                   Тутуһуохха дьороҕой илиилээх,
                   Охсуһуохха сөҥ сутуруктаах,
                   Уола хаан буолуо.
                   Ол буулаҕа бухатыыры
             15400  Боҕутуннарарыҥ буоллар,
                   Бүтүн бэйэтин
                   Мүһэтин-силгэтин араарбакка,
                   Тараҕай таас
                   Булгунньаҕым үрдүгэр
                   Дабдаччы тиирэн,
                   Көҥдөй көхсүн
                   Көҥкөччү туруоран,
                   Аллараа бөҕөлөр
                   Адалыһан таҕыстахтарына,
             15410  Үөһээ бөҕөлөр
                    Үмүөрүһэн түстэхтэринэ,
                   Орто дойду удурҕаччылара
                   Тоҕуоруһан кэллэхтэринэ,
                   Киэн тутган
                   Кэпсээн гыныам этэ,
                                   -    363  -
   366   367   368   369   370   371   372   373   374   375   376